Тохсунньу 17 күнүгэр ыччат библиотекатыгар РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СР искусстватын үтүөлээх деятелэ, «Северная звезда» Россия суруйааччыларын литературнай премиятын лауреата, саха народнай поэта, Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо И. М. Гоголев-Кындыл төрөөбүтэ 95 сылыгар аналлаах үрдүкү кылаас үөрэнээччилэригэр литературнай урок буолла.
Новости
Саха норуодунай бэйиэтэ И. М. Гоголев-Кындыл төрөөбүтэ 95 сыла
Тохсунньу 15 күнүгэр И. М. Гоголев-Кындыл аатынан Бүлүүтээҕи киин библиотекаҕа, Саха Республикатын искусствотын үтүөлээх деятелэ, Российскай Федерация культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Саха норуодунай бэйиэтэ, биир дойдулаахпыт Иван Михайлович Гоголев-Кындыл төрөөбүтэ 95 үбүлүөйдээх сылын көрсө төгүрүк остуол ыытылынна.







