Сатабыллаах маастар ураннаан уруһуйдаабытын курдук, күһүҥҥү айылҕа сиэдэрэй кыраасканан муҥутуурдук симэнэн турдаҕына, Бүлүү куоратын 390 сылын бэлиэтиир үөрүүлээх күннэргэ, биллиилээх худуоһунньук, сэдэх идэлээх муосчут Константин Меркурьевич Мамонтов туһунан «Алгыстаах ааттаах муосчут» диэн саҥа кинигэ сүрэхтэннэ.
Россия үтүөлээх худуоһунньуга, Российскай Федерация норуотун үөрэҕириитин туйгуна, Российскай Федерация худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх диэйэтэлэ, Учууталлар учууталлара Константин Меркурьевич Мамонтов төрөөбүтэ 75 сылыгар ананан тахсыбыт кинигэни билсэ оройуон киин библиотекатыгар элбэх киһи муһунна.
Улахан кээмэйдээх, 360 сирэйтэн турар нууччалыы-сахалыы тылынан суруллубут кинигэни хомуйан оҥорбут киһинэн Константин Меркурьевич биир дойдулааҕа Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, Сунтаар улууһун Сиэйэ нэһилиэгин кыраайы үөрэтэр “Утум” музейын төрүттээччи, Сунтаар улууһун маастара, төрөөбүт дойдутун устуоруйатын, сайдыытын, дьонун-сэргэтин туһунан элбэх кинигэни бэлэмнээн таһаарбыт Октябрина Прокопьевна Булатова-Максимова буолар.
Бу күн Октябрина Прокопьевна Бүлүүлэргэ бэйэтин эҕэрдэтин аныгы сибээс нөҥүө тириэртэ. Онтон, Константин Меркурьевич тапталлаах кэргэнэ, сүбэһитэ, көмөлөһөөччүтэ, Бүлүүттэн төрүттээх Людмила Николаевна Мамонтова биир дойдулаахтарыгар күндү ыалдьыт буолла. Кини кинигэни таһаарыыга элбэх үлэ барбытын, кинигэ сүрүн ис хоһоонун, айар дьиэ кэргэн олоҕун, үлэтин билиһиннэрдэ. Ыйытыыларга эппиэттээтэ.
Худуоһунньук аатын, идэтин толору арыйар дьоһун кинигэ аан бастакынан Бүлүүгэ сүрэхтэниитэ өссө үрдүк үөрүүлээх уонна долгутуулаах буолла.
Ол, Константин Меркурьевич Бүлүүгэ кэлэн олохсуйан, улууска ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустуба сайдыытыгар хорутуулаахтык үлэлээн, биһиэхэ, Бүлүүлэргэ, ураты чугас, суолталаах киһибит буоларыттан.
Саҥа кинигэ тула кэпсэтии сүнньүнэн худуоһунньук Бүлүүгэ үлэлээбит кэмнэригэр туһуланна. Эдэр учуутал бастаан Бүлүүгэ 1979 сыл Н.Г.Чернышевскай аатынан педагогическай училищеҕа үлэ уонна черчение учууталынан ананан кэлбит. Салгыы 1984 сылтан оҕо музыкальнай оскуолатын иһинэн үлэлиир художественнай кылааска учууталлаабыт.
Учуутал, оҕо айымньылаахтык толкуйдуур уонна айар дьоҕура сайдарыгар ойуулуур-дьүһүннүүр, эстетическай хайысхалаах дьарыктар улахан суолталаахтарын чопчу өйдүүр буолан, үөрэтии бу хайысхатын сайыннарар, кэҥэтэр сыалтан 1991 сыллаахха Бүлүү түөлбэтигэр соҕотох художественнай оскуоланы арыйтарбыта. Бэйэтэ оскуола директорынан ананан үөрэх саҥа тэрилтэтин дьиэнэн-уотунан, сөптөөх материальнай базанан хааччыйар түбүгэр түспүтэ. Оччолорго, Сэбиэскэй Союз ыһыллыбыт кэмигэр, ССКП оройуоннааҕы кэмитиэтин икки этээстээх таас дьиэтин сүүрэн-көтөн, туруорсан оскуолаҕа анаппыта. Ити курдук улууска ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустуба сайдыытыгар киллэрбит өҥөтө улахан.
Константин Меркурьевичтыын Бүлүүгэ бииргэ алтыһан үлэлээбит учууталлар Евгений Алексеев, Агриппина Софронеева, Елизавета Маныкина, Ксения Семенова ити кэмнэри сиһилии ахтан-санаан аастылар. Онтон училищеҕа үөрэппит студеннара Николай Егоров, Маргарита Корякина, Мария Николаева, Матрена Сивцева учууталларыгар махтал тылларын анаан ылбаҕай ырыаларын бэлэх ууннулар.
Уһуйааччы, маастар үрдүк ситиһиитэ- туйах хатарар ыччаттары иитэн-такайан таһаарыыта буолар. Бу күн Константин Меркурьевич художественнай кылааска үөрэппит үөрэнээччилэрэ Казимир Петров уонна Иннокентий Акимов учууталларын суолун батан, уһанар дьарыгы идэ оҥостон үлэлии-хамсыы сылдьалларан кэпсээтилэр. Ол курдук Казимир Николаевич 2000 сылтан художественнай кылаас преподавателэ. Российскай Федерация худуоһунньуктарын айар сойууһун чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын туйгуна. Онтон Иннокентий Иннокентьевич, элбэх быыстапкаларга кыттар биллэр тимир ууһа. Билигин Бүлүүтээҕи дьиэ кэргэни өйүүр киин эбии үөрэхтээһиҥҥэ преподавателэ.
Бу буоллаҕа- Константин Меркурьевич улахан баҕа санаатын туолуута. Кини талааннаах киһи хайаан да үөрэнээччилэрдээх буолуохтааҕын тоһоҕолоон бэлиэтиирэ. Уонна ону бэйэтэ эбэһээтэлистибэ курдук ылынан, учуутал быһыытынан 400-тэн тахса оҕону үөрэтэн таһаарбыта. Аҥардас муосчут уустук идэтигэр 150 оҕону уһуйбута холобурга,үрдүк хайҕалга эрэ сылдьар аналлаах.
Тыһыынчанан хатыламмат үлэни айан-тутан хаалларбыт худуоһунньук сүҥкэннээх үлэтэ биир кинигэҕэ баппата чуолкай. Онон кинигэҕэ сыһыарыы быһыытынан мамонт муоһуттан оҥорбут 380 үлэтин испииһэгэ, 1969 сылтан саҕалаан дойду араас таһымнаах быыстапкаларыгар кыттыыта, тус бэйэтин быыстапкалара ыйыллыбыттар. Айар үлэтэ уонна ол сыанабыла Саха сирин, бүтүн дойду хаһыаттарыгар, сурунаалларыгар, кинигэлэргэ, каталогтарга, энциклопедияларга, альбомнарга бэчээттэммитэ киэҥник киллэриллибит. Ааҕааччы кинигэҕэ баар кюар код нөҥүө Константин Меркурьевич уһуллубут видеосюжеттарын, быыстапкаҕа кыттыбыт улахан үлэлэрин көрөр кыахтаах.
Үйэлээх өйдөбүнньүк буолар кинигэни хомуйан оҥорбут Октябрина Прокопьевнаҕа уонна Людмила Николаевнаҕа Бүлүү дьонун-сэргэтин аатыттан оройуон дьаһалтатын дьыалаларын тэрийэр Клара Гаврильева, Бүлүү куорат дьаһалтатыттан баһылыгы солбуйааччы Николай Иванов, культура оройуоннааҕы салалтатыттан Кристина Буслаева, Иван Гоголев-Кындыл аатынан кииннэммит библиотека директора Николай Харлампьев махтал үтүө тылларын анаатылар. Кэргэннии Мамонтовтар Бүлүүгэ үлэлээбит тэрилтэлэрин салайааччылара — Н.Г.Чернышевскай аатынан профессиональнай — педагогическай колледж директора Иван Алексеев, М.Н.Жирков аатынан оҕо искусствотын оскуолатын уруһуйга уонна декоративно-прикладной искусствоҕа салаатын сэбиэдиссэйэ Афанасий Иванов эҕэрдэ суруктарын, өйдөбүнньүк бэлэхтэрин туттардылар.
Кэпсэтиигэ Константин Меркурьевич олоҕун устата “Мамонтов диэн араспаанньалаах киһи хайдах да мамонт муоһуттан уһаммат буолуон сатаммат”- диэн өйдөбүлү илдьэ сылдьыбытын үгүс киһи аҕынна. Киһи тус аата, араспаанньата кини олоҕун, идэтин быһаарар суолталааҕын дириҥник бигэргэттэ.
Ити курдук, алгыстаах ааттаах муосчут туһунан саҥа кинигэни үгүс үтүө үлэһит дьону үрдүккэ көтүппүт Бүлүүбүт куоратын олохтоохторо, ыалдьыттара бастакынан бэрт сэргэхтик сүрэхтээтилэр.
Кини аатын төрүттээбит художественнай оскуолатыгар, куорат саҥа уулуссатыгар иҥэрэн салгыы үйэтитэргэ этиилэри киллэрдилэр.
Луиза Кононова, киин библиотека кыраайы үөрэтиигэ кылаабынай библиотекара