Балаҕан ыйын 13 күнүгэр И.М. Гоголев-Кындыл аатынан Бүлүүтээҕи киин библиотекаҕа Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ Николай Иванов «Мин сүрэхпэр Ытык Бүлүүм» диэн хоһооннорун саҥа хомуурунньугун билиһиннэриитэ буолла.
Кииним түспүт төрүт дойдум,
Киһи буолбут күндү сирим
Мин сүрэхпэр кэрэ түүллүү
Мэлдьи бааргын Тойон Бүлүү,
Эдэр сааһым, үөрүүм-көтүүм
Ыллыыр кумах Ытык Бүлүүм,
Үүнэр сирим, өрө күүрүүм
Сырдык иэйиим, сылаас Бүлүүм.
Николай Иванов
Николай Иванович-сэрии кэмин оҕото, үлэ бэтэрээнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайына. Олоххо өрүү көхтөөх, айар-тутар үлэнэн умсугуйан дьарыктанар саха суруйааччыта. Тус бэйэтэ суруйан таһаартарбыт уонтан тахса кинигэлэрдээх. Айымньылара оройуоҥҥа, республикаҕа ыытыллар литературнай күрэхтэргэ бастыыллар. Элбэх хоһооно ырыа буолан киэҥник тарҕанна.
Ааптар Сахатын сирин, Бүлүүтүн ураты кэрэтин, туохха да тэҥнэммэт күндүтүн хоһуйар хомоҕой хоһоонноро ыччакка төрөөбүт дойдуга тапталы иҥэрэллэр. Кинини харыстыырга, көмүскүүргэ ыҥыраллар.
Саҥа хомуурунньук Бүлүү куората төрүттэммитэ 390 сылыгар ананан тахсыбыт. Манна ааптар куорат ытык бэлиэ миэстэлэригэр, чулуу дьонноругар анаан суруйбут 38 хоһооно киирбит. Хас биирдии хоһоон олохтоох дьон түһэрбит хаартыскаларынан ситэриллэр. Бу үлэни хомуйан, таҥан Егор Еремеев толорбут.
Куорат устуоруйатын билиһиннэрэр сонун бырайыак ааптарынан Николай Иванович күндү кэргэнэ, Бүлүү улууһугар культура сайдыытын дириҥник чинчийэн, үөрэтэн, сурукка тиһэн тарҕата, үйэтитэ сылдьар Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын үтүөлээх үлэһитэ Надежда Николаевна Иванова буолар.
Кинигэни билиһиннэрии ааптар «Бу барыта мин дьонум – бүлүүлэр!» хоһоонун куорат 2 №-дээх Г.С.Донской аатынан оскуолатын 3 «б» кылааһын «Дьулуур» түмсүүтүн оҕолорун ааҕыыларынан саҕаланна (салайааччылар Татьяна Николаева уонна Мария Алексеева). Салгыы кинигэ тула кэпсэтии бырааһынньыктыы тыыҥҥа сэргэхтик ааста.
Ол курдук, мустубут дьоҥҥо, култуура үлэһиттэрэ хомуурунньукка киирбит хоһооннортон бииртэн биир иэйиилээхтик, уус-ураннык ааҕан иһитиннэрдилэр. Ааптар хоһоонноругар «Ай-ыллаа» вокальнай ансаамбыл (салайааччы СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Ольга Корякина) Эрхаан матыыбыгар «Бүлүү вальса», Александр Комаров бэйэтин матыыбыгар «Өй-сүрэх түгэҕэр тыыннаахтар» диэн ырыалары толордулар.
Онтон «Мин сүрэхпэр Ытык Бүлүүм» диэн кинигэ аата буолбут саҥа хоһоон самодеятельнай композитор Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ Роман Степанов матыыбыгар бэртээхэй ырыа буолан тахсыбыта көрсүһүү чыпчаал түгэнинэн буолла. Ырыа музыкатын «Добун» звукостудияҕа Антон Иванов уһулбут. Саалаҕа турар экраҥҥа Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Арассыыйа, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах ырыа күрэхтэрин хас да төгүллээх кылаан кыайыылааҕа Вячеслав Попов толоруутугар ырыа клибин көрдөрүү тэрилиннэ. Ырыа ис хоһоонун тиэрдэр устууну Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Эрхаан уонна Аскалон Семенов тэрийбиттэр.
Киһи сүргэтин көтөҕөр, киэн туттуу тыынын иҥэрэр саҥа ырыа куорат үбүлүөйүн улахан тэрээһиннэригэр толоруллан биир дойдулаахтар улахан биһирэбиллэрин ылла.
Манна даҕатан эттэххэ, Николай Иванович өссө 15 сыл ынараа өттүгэр, 2009 сыллаахха, куорат төрүттэммитэ 375 сылын көрсө Бүлүү куорат өрөгөйүн ырыатын суруйан турардаах. Бу буоллаҕа — дойдутугар бэриниилээх суруйааччы айар үлэтин дьоһун ситиһиитэ, дьонугар-сэргэтигэр сыаната биллибэт үйэлээх бэлэҕэ.
Бэлиэ түгэнинэн Николай Ивановиһы улуус баһылыга Сергей Винокуров, куорат баһылыга Ян Попов, култуура сайдыытын уонна норуот айымньытын оройуоннааҕы киинин салайааччытын э.т. Кристина Буслаева, И. М.Гоголев-Кындыл аатынан бибилитиэкэ дириэктэрэ Николай Харлампьев,П.Х. Староватов аатынан кыраайы үөрэтэр түмэл дириэктэрэ Татьяна Афанасьева,Н.И. Ылахова аатынан национальнай-култуурунай киинтэн Рудольф Томскай, С.М. Аржаков аатынан оҕону дьиэ кэргэҥҥэ иитиини өйүүр киинтэн Анна Игнатьева, суруйааччы айымньыларын кэрэхсээччилэр Венера Тихонова, Надежда Сивцева, Виктор Платонов, Матрена Сивцева, Галина Иванова, Надежда Филиппова эҕэрдэлээн тыл эттилэр.
Бу күн кэлбит дьон, дьоҕус эрээри, төрөөбүт дойдуга уостубат тапталы иҥэрэр улахан суолталаах кинигэни илиибитигэр туттубут. Ытыска ыллахха сылаас тыына биллэр курдук…. Кэскиллээх бырайыагы салҕаан, аны, сотору кэминэн Николай Иванович Надежда Николаевнатынаан ырыа буолбут хоһооннорун ноталаах кинигэ оҥорон таһаартаралларыгар баҕа санаабытын эттибит. Дьэ оччоҕо, ааптар бэйэтэ суруйбутунуу.
«Бүлүүлүү эһиэкэй эйээриэ,
Бүлүүбүт хомуһа дьиэрэйиэ,
Бүлүүгэ өрөгөй ыһыаҕа
Үйэ саас ыҥыра туруоҕа!»
Луиза Кононова, киин библиотека кыраайы үөрэтиигэ кылаабынай библиотекара