«Кэскилбит сирдьит сулуһа» кинигэ билиһиннэриитэ

«Дойдуну төрөөбүт-үөскээбит үөскээбит дьоно, олохтоохторо ааттаталлар» – диэн бэргэн этии баар. Эдэр сааһыттан үлэни өрө тутан, комсомол, партия ыҥырыытын олоххо киллэрсибит, тыа сирин түбүктээх үлэтин быһаччы тэрийсибит, улахан хаһаайыстыбанньык, салайааччы Иван Иванович Сивцев Бүлүүтүн элбэхтик ааттаппыт дьонтон биирдэстэрэ буолар.


…Киһи үөрүүтэ кэмнэнэр
Кини сүтэрбит эрэйинэн,
Киһи килбиэнэ кэмнэнэр
Кини оҥорбут үтүөтүнэн ….
Николай Сафонов-Дьырылы

Кини Бастакы Тоҕус нэһилиэгэр уол оҕо буолан оройунан түспүт бэлиэ күнүгэр-балаҕан ыйын 6 күнүгэр, киин библиотека киэҥ-куоҥ саалатыгар «Кэскилбит сирдьит сулуһа» диэн саҥа тахсыбыт кинигэни билиһиннэрии тэрилиннэ.

Үлэ киһитигэр анаммыт уус-уран литературнай кинигэни Иван Иванович төрөөбүтэ 80 сылыгар анаан кини кэргэнэ, олоҕун аргыһа РФ норуотун үөрэҕириитин туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин «Учууталлар учууталлара», «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэлэр хаһаайыннара, Бүлүү куорат Бочуоттаах гражданина, үлэ бэтэрээнэ Надежда Егоровна Сивцева уонна кыыһа Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, Российскай Федерация үөрэҕириитин Бочуоттаах үлэһитэ, «Дети Саха-Азия» норуоттар икки ардыларынааҕы фонда стипендиата, Марха 1 №-дээх оскуолатын физикаҕа учуутала Лилиана Ивановна Антонова хомуйан оҥорбуттар.

Икки тылынан суруллубут 176 сирэйдээх улахан кээмэйдээх кинигэҕэ Иван Иванович олорон ааспыт баай ис хоһоонноох олоҕо, кыһамньылаах үлэтэ-хамнаһа, уопсастыбаннай дьыалаҕа үгүс сүүрүүтэ-көтүүтэ сааһыланан киирбит. Биллэр миэстэни Иван Иванович тус бэйэтин ахтыылара, улуус, өрөспүүбүлүкэ бэчээтигэр таһаарбыт ыстатыйалара ылбыттар.

Кинигэ ис хоһоонун дьиэ кэргэн архыыбыттан ылыллыбыт дөкүмүөннэр, араас кэмнээҕи элбэх хаартыскалар толорон, ситэрэн биэрэллэр. Түмүккэ Иван Иванович Бүлүү куоратыгар оҥорсон-тэрийсэн хаалларбыт тутуулара, мэҥэ бэлиэлэрэ биир дойдулаахтарыгар аатын ааттатар үйэлээх өйдөбүнньүк буолаллара кэпсэнэр.

Биһирэм кэпсэтиигэ Иван Ивановиһы Бүлүү куоратыгар, Чочуга бииргэ алтыһан үлэлээбит доҕотторо Федор Николаев, Николай Иванов, Николай Гоголев, Николай Павлов, Николай Егоров, Александра Афанасьева, Татьяна Петрова, Светлана Иванова уонна Уус-Алдантан, Дьокуускайтан тиийэ кэлбит чугас аймахтара оҕолоро, ыкса ыаллара, доҕотторо, истиҥник ахтан-санаан аастылар.

Дойдубутугар Дьиэ кэргэн, Сахабыт сиригэр оҕо-аймах сылыгар элбэх сыраттан, улахан үлэттэн тахсыбыт кинигэтин Надежда Егоровна: «Кэлэр көлүөнэ ыччаттарбытыгар, аймах-билэ дьоммутугар анаан, көлүөнэ быстыбат ситимэ оҥоһулунна», — диэн сыаналаабыта, бу кинигэ ис хоһоонун уонна суолтатын өссө үрдэттэ.

Түмүккэ, киин библиотека салалтата 50 ахсаанынан тахсыбыт кинигэни дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник тарҕатар сыалтан, ааптардар Н.Е.Сивцеваны уонна Л.И.Антонованы кытары кинигэ аныгы электроннай көрүҥүн оҥорон библиотека фондатыгар киллэрэргэ сөбүлэҥ дуогабар түһэристэ.

Луиза Кононова, киин библиотека кыраайы үөрэтиигэ кылаабынай библиотекара



«Кэскилбит сирдьит сулуһа» кинигэ билиһиннэриитэ: 1 комментарий

  1. Махтанабыт Бүлүүтээҕи Киин библиотека үлэһиттэригэр аҕабыт туһунан кинигэ сүрэхтэниитин үрдүк таһымнаахтык тэриллэн ыытыллыбытыгар.
    Ааҕааччылар кэккэлэрэ кэҥии турдун. Кинигэни ааҕан төрөөбүт дойдуларын олоҕун-дьаһаҕын, дьонун-сэргэтин кытта билсиһэн билиилэрин хаҥатан сайдыылаах олоҕу батыстыннар, үрдүк чыпчаалга тигистиннэр.

Оставить комментарий

Наш сайт использует файлы cookies, чтобы улучшить работу и повысить эффективность сайта. Продолжая работу с сайтом, вы соглашаетесь с использованием нами cookies и политикой конфиденциальности.

Принять
Обратная связь