Олунньу 14 күнүгэр Бүлүүтээҕи киин бибилэтиэкэ ааҕар саалатыгар Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгиттэн байыаннай – бэлитиичэскэй оскуоланы бүтэрбит соҕотох кадровай офицер, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Анаабыр улууһун бочуоттаах олохтооҕо Георгий Дмитриевич Борисов сэрии туһунан илииннэн суруллубут ахтыыларыттан уонна кини олоҕун, бойобуой суолун туһунан махтал үтүө тыллардаах суруйуулартан хомуллубут «Саллаат сэһэнэ» кинигэтин сүрэхтэниитэ буолан ааста.