Михаил Елисеевич Тимофеев: онлайн-викторина

Саха норуодунай поэта Михаил Елисеевич Тимофеев төрөөбүтэ 90 сылыгар, Бүлүү улууһун Бороҕон нэһилиэгин модельнай уонна Н.И. Афанасьев аатынан Бороҕон орто оскуолатын бибилэтиэкэлэрэ бэлэмнээбит, суруйааччы олоҕор, айар үлэтигэр аналлаах викторина ыйытыктара: https://onlinetestpad.com/woij4a6sd74z2

«Таптыыр сахам тылынан…» бэһис акция түмүктэрэ

ОЛУННЬУ 11 КҮНҮГЭР Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр аналлаах, «Таптыыр сахам тылынан…» өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын 3 – 8 кылаас  үөрэнээччилэригэр бэһис сылын ыытыллар акцияҕа уопсайа Бүлүү улууһун үрдүнэн 195 үөрэнээччи үс бөлөҕүнэн арахсан: 3-4 кылаастар, 5-6 кылаастар, 7-8 кылаастар онлайн форманан кытыннылар…

Читать далее

Саха журналистикатын Далбар Хотуна

Бүлүүтээҕи оройуоннай оҕо библиотеката Бүлүү улууһугар – Бүлүү чулуу дьонун сыла биллэриллибитинэн уонна Республика, Бүлүү дьоно – сэргэтэ киэн тутта ааттыыр чулуу киһитэ, ытыктабыллаах Нина Иннокентьевна Протопопова 2022 сыл олунньу 18 күнүгэр төрөөбүтэ 95 сылын көрсө, «Саха журналистикатын Далбар Хотуна»  видеопрезентацияны бэлэмнээтэ.

Читать далее

«Өрөйүҥ – чөрөйүҥ» чобуо чабырҕах ааҕыы күрэҕин түмүгэ

Норуот тылынан уус-уран айымньытын билии, ис сүрэхтэн таптааһын, төрөөбүт тылбыт баай сүмэһинин өйбүтүнэн-санаабытынан, эппитинэн-хааммытынан ылбаҕайдык ылынарга сүдү оруоллаах, диэн даҕатан этэн туран Бүлүүтээҕи оройуоннай оҕо библиотеката улуус уһуйаан уонна  оскуола оҕолоругар куйаар ситимин нөҥүө «Өрөйүҥ – чөрөйүҥ» чобуо чабырҕах ааҕыы күрэҕин төрөөбүт тыл уонна сурук — бичик күнүнүгэр анаан ыытта.

Читать далее

Сахалыы дьыктаан – 2022

Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүн чэрчитинэн олунньу 13 күнүгэр И. М. Гоголев–Кындыл аатынан улуустааҕы киин бибилэтиэкэҕэ үгэскэ кубулуйбут  өрөспүүбүлүкэтээҕи аахсыйаҕа кыттыһан  дьыктаан суруйуута буолан ааста.

Читать далее

«ТАПТЫЫР САХАМ ТЫЛЫНАН…»: өрөспүүбүлүкэтээҕи акция

Бүлүүтээҕи оройуоннай оҕо библиотеката, ОЛУННЬУ 11 КҮНҮГЭР,  өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын алын, орто сүһүөх: 3 – 8 кылаас  үөрэнээччилэригэр бэһис сылын биир күн ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи акцияҕа кыттыһан, Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр аналлаах «Таптыыр сахам тылынан…» акцияҕа улуус оҕолорун көхтөөхтүк кыттаргытыгар ыҥырар

Читать далее

Моя библиотека будущего

Уважаемые наши читатели! Просим Вас принять участие в опросе, проводимом с целью усовершенствования обслуживания. Ваше мнение позволит внести необходимые изменения и учесть Ваши потребности и запросы. Внимательно прочтите все предлагаемые варианты ответов, затем выберите из них тот или те, которые Вам подходят. Анкета читателя: https://forms.gle/UV6x9oR9U9Dpf42p8

Читать далее

Страница 85 из 132
1 … 79 80 81 82 83 84 85 86 87 88 89 90 91 … 132
Обратная связь