Прозаик, драматург, поэт, Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кыттыылааҕа, оҕо аймах тапталлаах суруйааччыта Тимофей Егорович Сметанин бу дьыл сэтинньи ый 25 күнүгэр төрөөбүтэ 105 сылын бэлиэтиибит. Бу бэлиэ түгэҥҥэ анаан Бүлүүтээҕи оройуоннай оҕо библиотеката суруйааччы айымньыларынан бэлэмнээбит тургутугун ааһаргытыгар ыҥырар.
Тимофей Сметанин 1919 сыллаахха Кэбээйи улууһун Тыайа нэһилиэгэр дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ.
Оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар элбэх хоһоон суруйара, хоһоонноро оскуола иһигэр илиинэн оҥоһуллар «Эдэр саас» сурунаалга элбэхтэ тахсаллара. 1937 сыллаахха «Былатыан суолунан бардарбыан» диэн бастакы хоһоонун Кэбээйи оройуонун хаһыатыгар бэчээттэппитэ.
Тимофей Сметанин оҕолорго элбэх кэпсээннэрдээх, остуоруйалардаах, сэһэннэрдээх. Оҕолор санааларын, тугу интириэһиргииллэрин таба таайан, сөптөөх уобарастары булан, көрүдьүөстээх гына хоһуйар.
Айымньыларыттан оҕо-аймахха, дьоҥҥо-сэргэҕэ үчүгэйдик биллибиттэринэн буолаллар: «Егор Чээрин», «Күөрэгэй», «Куоска олоҥхото», «Мэхээлэчээн булчут кэпсээннэрэ», «Локуут уонна Ньургуһун» уо.д.а.
Орто саастаах оҕолорго аналлаах Яков Стручковтуун суруйбут «Мэхээлэчээн булчут кэпсээннэрэ» диэн көрүдьүөстээх сэһэнэ, бастакы кинигэтэ 1943 сыллаахха, «Саллаат сүрэҕэ» хоһоонноорун хомуурунньуга 1945 сыллаахха бэчээттэнэн тахсыбыттара.
Сэрии алдьархайдаах сыллара хас биирдии ыалга ыар ыалдьыт буолан ааспыттара. Бэйэтэ Аҕа дойду уоттаах сэриитин кыттыылааҕа буолан, патриот санаалаах хорсун буойун суруйааччы хоһоонноро үксэ сэрии, аҕа дойду туһунан буолаллар. Сэрии кэмин көрдөрөр «Егор Чээрин» диэн сэһэнэ 1947 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ бириэмийэтинэн бэлиэтэммитэ. 2021 сыл кулун тутар 11 күнүгэр улахан экраҥҥа режиссер Дмитрий Кольцов, Тимофей Сметанин «Егор Чээрин» сэһэнигэр олоҕуран уһуллубут – «Рядовой Чээрин» киинэтэ тахсыбыта (https://www.youtube.com/watch?v=Et8XdIFRyFI).
Тимофей Сметанин айар үлэтин чаҕылхай үрдүк чыпчаалынан «Лоокуут уонна Ньургуһун» диэн лирическэй драмата буолбута. Маны тэҥэ «Атын киһи оҕото», «Кыһыл былааттаах кыыс» диэн пьесалара, «Көрсүһүөхпүт» диэн сэһэни уо.д.а. суруйан хаалларбыта.
Ити курдук, буойун, поэт, прозаик, драматург Тимофей Егорович Сметанин төрөөбүт норуотугар биэс уонтан тахса үтүөкэннээх айымньыны суруйан хаалларбыта. Кини айымньыларын дьон сэргэ таптаан, сөбүлээн ааҕар.
Күндү оҕолор, саха биир чаҕылхай суруйааччытын айымньыларын биһиги библиотекабытыттан уларсан ааҕыҥ, күүтэбит.
Т. Ф. Васильева, Оройуоннааҕы оҕо бибилэтиэкэтин сүрүннүүр бибилэтиэкэрэ
Сметанин, Тимофей Егорович). Егор Чээрин : [сэһэн : улахан уонна орто саастаах оскуола оҕолоругар] / Т. Е. Сметанин ; [Е. М. Шапошников уруһуйа]. – Переизд. – Якутскай : Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1985. – 55, [1] с : ил. ; 22 см. – 35000 экз.: https://e-librvil.ru/book155/
Уруккута булчут Егор Чээрин фроҥҥа сылдьан снайперынан аатырбыта. Кини сэрии быһылааныгар мүччүргэннээх сырыылара сэһэҥҥэ хомоҕой тылынан, көрдөөхтүк кэпсэнэр.
Сметанин, Тимофей Егорович. Егор Чэрин : приключения веселого снайпера Чэрина-Бэрина : для среднего школьного возраста / пересказал с якутского А. Тверской ; рисунки В. Горячева ; [автор вступительной статьи Семен Данилов]. – М. : Детская литература, 1970. – 60, [2] с. : ил. ; 22 см. : https://e-librvil.ru/book156/
Это повесть о приключениях смелого, находчивого, никогда не унывающего солдата Егора Чэрина, бывшего таежника и охотника. На фронте Егор становится прославленным снайпером, грозой фашистов. Он часто попадает в сложные обстоятельства и всякий раз находит выход из положения.