«Тулааһын дьоммут» кинигэ сүрэхтэниитигэр ыҥырабыт

Дойдубутугар Дьиэ кэргэн уонна Сахабыт сиригэр Оҕо-аймах сылыгар, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Ульяна Афанасьевна Васильева тапталлаах төрөппүттэрин олохторун, ыччаты иитиигэ-үөрэтиигэ анаабыт Афанасий Николаевич уонна Татьяна Алексеевна Андреевтар тустарынан кинигэ хомуйан, бэчээттэтэн Бүлүү дьонун-сэргэтин улаханнык кэрэхсэттэ.


Саха дьонугар дьиэ кэргэн, ыал бэлиэтэ – сэргэ ойуулаах, көмүс дуйунан суруллубут халыҥ тастаах «Тулааһын дьоммут» диэн улахан кинигэ киһи эрэ кэрэхсиэх тупсаҕай оҥоһуулаах, сонун киллэриилэрдээх. Ааптар Учуутал дьиэ кэргэн төрдүн-ууһун, олоҕун, айымньылаах үлэтин архыып, бэчээт матырыйаалларыгар, элбэх дьон истиҥ ахтыытыгар олоҕуран ааҕааччыга толору тиэрдэр.

Холумтан сылааһынан сыдьаайар сырдык тыыннаах кинигэ хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ, ыччат дьоҥҥо, үөрэх эйгэтин үлэһиттэригэр идэҕэ бэринии, оҕону иитии үтүө холобура, сэргэх сэһэнэ буолан тиийдин!

Ыытыллар сирэ, бириэмэтэ: Бүлүү к., Киин бибилэтиэкэ / Муус устар 8 күнэ, 15:00 ч.

Луиза Кононова, киин бибилэтиэкэ кыраайы үөрэтиигэ кылаабынай бибилэтиэкэрэ



 

Оставить комментарий

Наш сайт использует файлы cookies, чтобы улучшить работу и повысить эффективность сайта. Продолжая работу с сайтом, вы соглашаетесь с использованием нами cookies и политикой конфиденциальности.

Принять
Обратная связь