1927 сыллаахха норуоту «Бүттүүн үөрэхтээһин» дьаһала тахсан дойдуга инникини кэскиллиир уларыйыылар буолбуттара. Улахан дьону үөрэтииттэн саҕалаан билиигэ тардыһыы улам күүһүрэн испитэ. 1928-1929 үөрэх дьылыгар Мастаахха иккис оскуоланы – Кыргыдай нэһилиэгэр арыйарга дьаһал тахсыбыта.
Убаастабыллаах ааҕааччылар! Эһиги болҕомтоҕутугар, 2003 сыллаахха бэчээттэнэн тахсыбыт, «Билии кыһата – Кыргыдайым оскуолата» ахтыы кинигэттэн, Кыргыдай нэһилиэгиттэн төрүттээх, коллегабыт Матрена Петровна Дмитриева, оскуолатын, учууталларын туһунан ис сүрэхтэн истиҥник суруйбут ахтыытын таһаарабыт.
МАХТАЛЫМ БАСТЫҤА АНАННЫН
Быйыл миэхэ бэлиэ сыл, миэхэ эрэ буолуо дуо, миигин кытта киирбиттэргэ ахтар-саныыр оскуолабыт 75 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир күнүгэр оскуолаҕа киирбиппит 50 сылын туолар. Кыргыдай оскуолата 7 кылаастаах эрдэҕинэ бүтэрэн, 1961 с. учуутал буолуох ба- ҕам батарбакка Бүлүүтээҕи педучилищеҕа туттарсан киирбитим. Биир сыл үөрэнэн баран, ыалдьан, дьиэбин ахтан төннөн тахсыбытым, кырам да бэрт быһыылааҕа. Учуутал буолбат аналым да тартаҕа буолуо. Ол сыл оскуола 8 кылаастанар буолбутугар, ночоотурарбын билэ-билэ дьиэбэр олорон 8-с кылааска үөрэммитим. Онон биир оскуоланы иккитэ бүтэрбит ахсааннаах дьоннортон биирдэрэ мин. Бу түбэлтэ олохпор туох эрэ үчүгэй сабыдыаллаах буолбутугар саарбахтаабаппын. Учуутал идэтин ылбытым буоллар, дьылҕам атыннык салаллыа эбитэ буолуо да, онтон ороһуйбаппын.
Үөрэхпин ыарырҕатарбын өйдөөбөппүн, бука үчүгэй учууталларга үөрэммиппиттэн буолуо. Уопсайынан олоҕум устатын тухары үтүө санаалаах үчүгэй дьону кытта алтыһан кэллим. Мин оҕо сааһым Кыргыдайыгар, киһи быһыытынан кэрэ, сахалыы дириҥ өйдөөх-төйдөөх дьон үгүс этилэр. Кинилэр үөрэтиилэрэ-такайыылара миэхэ, убайа-эдьиийэ, аҕата суох киһиэхэ туспа оскуола буолбута дни саныыбын. Саха киһитэ санаабытын таһыгар таһаара охсубат, идэтинэн бириэмэтигэр этинэн, кэмигэр махтанан испэт саннаах. Мин эмиэ, толлон дуу, санаам кылгаһыттан дуу, учууталларбар сатаан махтаммакка хааларбыттан хомойо саныыбын. Сорохторун тыыннаахтарыгар ситэ сыаналаабакка да хаалбытым үгүс.
Оскуолаҕа киириэхпиттэн: «Дьэ бэйикэй, бэһискэ тиийдэххинэ Испирдиэн Дьаакыбылабыс кэһэтиэҕэ», — диэн куттуур учууталларыгар Спиридон Яковлевич Федоровка биирдэ да испэр илдьэ сылдьар үтүө өйдөбүлбүн биллэрбэккэ куоттарбытым. Толлор, куттанар муҥа баарына, киһилии кэпсэппэккэ хаалбытым, куруук атын сиргэ үөрэнэн, өлүөр диэри көрсүбэтэҕим.
Дьэ, кырдьык, суостаах учуутал этэ. Үөрэтэр предмета да элбэҕэ: алгебра, геометрия, тригонометрия, физика, химия, черчение. Оччотооҕу санаабар, кини билбэтэ диэн суох быһыылааҕа. Айылҕаттан талаан бэриллибит киһитэ буоллаҕа буолуо, билиҥҥи үйэҕэ төрөөбүтэ буоллар туох идэни баһылыаҕын ким билиэй? Дуоскаҕа суруйа туран, хас биирдии оҕо тугунан дьарыктанарын, ханна хайыспытын, суруйарын, суруйбатын аахтара билэриттэн сөҕөрбүтүн өйдүүбүн. Хас биирдиибитин курдаттыы көрөр курдук хаһан да сыыспат буолара. «Кэтэҕэр харахтаах быһыылаах» диэн салларбыт. Математика чуолкайыгар, логикатыгар оҕолору сатаан умсугутар, ураты ирдэбиллээх буолан кини уруоктарыгар «кураанах» оҕо суох буолара. 7-с кылааска үөрэнэрбитигэр биһиэхэ кылаас салайааччыта этэ.
Кылаас чаастарыгар араас фокустары көрдөрөн, головоломкалары таайтаран сөхтөрөрүн өйдүүбүн. Аны санаатахха, хантан эрэ көрдөөн-булан, ааҕан, бэлэмнэнэн аҕай эрдэҕэ. Педучилище эрэ үөрэхтээх киһи, бэйэтиттэн төһөлөөх ирдэбиллээх буолан, итиччэни билэрэ-көрөрө буолуой? Спиридон Яковлевич үгүс элбэх сиэннэриттэн эһэлэрин туйаҕын хатарар киһи тахсыа диэн эрэнэбин.
Мин махталбын билбэккэ барбыт иккис учууталбынан Зоя Васильевна Атласова буолар. Биологияны биэрэрэ. Бүгүҥнү санаабар, олус сэмэй, кырыы-уһук сиргэ тиксэн хаалбытыттан соһуйбут, үөрэтэр оҕолоруттан симиттэр, саллар курдук өйдөбүллээхпин. Кылааска сырыы ахсын «хорсунун киллэрэн» үөрэтэ киирэр курдуга. «Истин да истимэҥ, бэйэҕит дьыалаҕыт», — диирин өйдүүбүн. Мин кинини аһынан, уруогар мэһэйдээбэт буола сатыырым, болҕойон истэрим. Атыттары билбэтим, мин киниттэн олус элбэххэ үөрэммитим. Быысыбай куруһуогун ыытар этэ, онно олус сөбүлээн дьарыктанарым. Оччолорго өҥнөөх сап аҕыйах буолан, бэйэтиттэн биэрэн үлэлэтэрэ.
Кыыс оҕо бэйэтин чэбэрдик туттуохтааҕын, таҥаһын-сабын көрүнэ сылдьыахтааҕын, өҥү-дьүһүнү дьүөрэлээһин диэн өйдөбүллэри аан бастаан киниттэн истибит, эбэтэр истибитим да иһин, кини өйдөппүт курдук саныыбын. Ол сылларга аан бастаан оскуолаҕа музей, тыыннаах муннук, оскуола учаастага тэриллэн, уруок таһынан олус элбэх дьарыктаах этибит. Онно барытыгар Зоя Васильевна тутаах үлэһит буолан, биһигини батыһыннара сылдьан үлэлэтэр үгэстээҕэ. Барытын тиһэҕэр тириэртэрэн тэйэрэ. Утары быһааран, көрдөрөн биэрэрэ, уруокка кэпсииринээҕэр ордук тиийимтиэ, өйгө түһүмтүө буолара. Барбытыгар тугум эрэ ойдон түспүт курдук суохтаабытым.
Кылгас ахтыыга учууталларым тустарынан кэпсиэхтээҕэр, ааттарын да ситэн ааттаабатым биллэр. Бастакы учууталым Семен Степанович Николаев, Ф. И. Миронова, М. Е. Иванов, Е. Ф. Егоров, В. М. Мокроусова, В. С. Левшанова, Н. Н. Миронов, С. А. Чыбыков, В. В. Александрова. Ол эрэ буолуохтара дуо, кылгас да кэмҥэ үөрэтэн ааспыт учууталларбыт хас биирдиилэрэ биһиэхэ, үөрэнээччилэригэр дууһаларын ууран, билиилэриттэн биэрэн, суол-иис хааллардахтара дии. Билигин үөрэппит учууталларбын барыларын аахтара саныыбын, үтүөлэрин ааҕабын, испэр араас махтал тылларын аныыбын. Санаабар, мин быһыыбар-майгыбар хас биирдиилэриттэн чопчу хатыламмат уратылара иҥэн сылдьар. Киһи олоҕо куруук үөрэх эбит, хас саҥа күн билиини-көрүүнү эбэрин ааһан, булгуччу ону ирдиир. Тапталлаах оскуолам учууталларыгар, үөрэнээччилэригэр, үтүөнү-кэрэни үксэтэ туралларыгар умсулҕаннаах үлэ уһугун булларбатыгар баҕарабын.
М. П. Дмитриева, РФ культуратын туйгуна, Бүлүүтээҕи киин библиотека үлэһитэ, 2003 с.
Кинигэни «Иван Михайлович Гоголев-Кындыл аатынан Бүлүүтээҕи нэһилиэктэр икки ардыларынааҕы кииннэммит библиотека ситимэ» мхт Электроннай библиотека сайтыгар киирэн ааҕыҥ, сэргээҥ:
Николаева, Евдокия Гаврильевна. Билии кыһата — Кыргыдайым оскуолата, 1928-2003 / хомуйан оҥордо, [аан уонна түмүк тыллары суруйда]: Николаева Е. Г. ; редактор И. Ф. Николаева]. — Дьокуускай : Офсет, 2003. — 160 с. : ил., портр. ; 21 см. — 1000 экз.