Олунньу 22 күнүгэр Бүлүү киин бибилэтиэкэтигэр төрөөбүт тылы сэргиир, хоһоон айарга холонор эдэр ыччаты айар үлэни аргыс оҥостон айымньылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар эр дьону кытары билиһиннэрэр сыаллаах «Тыл мындыр оһуорун тиһэн…» диэн сэргэх тэрээһин буолан ааста.
Биһиги Бүлүүбүтүгэр суругу-бичиги өрө тутар, хомоҕой хоһоонунан олоҕу туойар ураты дьарыктаах эр дьон элбэхтэр. Тэрээһин ону кэпсиир, көрдөрөр «Олоҕу киэргэтэр талаан» диэн кинигэ быыстапкатынан арыллыбыта мустубут дьону кэрэхсэттэ.
Ол курдук, быыстапкаҕа биир дойдулаахтарбыт айбыт-туппут үлэлэрэ туруоруллубута. Быыстапка, биллэн турар, киэн туттар норуодунай поэттарбыт, драматург уонна прозаик Иван Гоголев-Кындыл уонна прозаик, тылбаасчыт Михаил Тимофеев үйэлээх үлэлэриттэн саҕаланар. Онтон салгыы биллэр-көстөр суруналыыстар, суруйааччылар, учууталлар Василий Павлов-Макар Мыла, Николай Григорьев, Николай Афанасьев-Сен Кичяр, Иван Гуляев, Аким Степанов-Акыым Дуолан, Федот Ксенофонтов-Докумуон, Родион Еремеев, Николай Иванов, Николай Егоров-Линдин, Петр Осипов, Иван Ильинов-Харандаас үлэлэрэ кэккэлээбиттэр. Биир боччумнаах миэстэни күн бүгүн айа-тута сылдьар дьоммут Петр Осипов, Иннокентий Васильев, Константин Харлампьев, Николай Осипов, Егор Никифоров хомуурунньуктара ылбыт.
Иккис түһүмэххэ мустубут дьон суруйуунан умсугуйан туран дьарыктанар ураты дууһалаах эр дьону кытары билистилэр. Бастакынан, Бүлүү куоратыттан үлэ бэтэрээнэ, сэрии кэмин оҕото, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ, Гражданскай килбиэн бэлиэ хаһаайына, саха суруйааччыта Иванов Николай Иванович тылын-өһүн тириэртэ. Оройуоҥҥа, республикаҕа ыытыллар литературнай күрэхтэр кыайыылаахтара, элбэх ырыа буолбут хоһоон, ол иһигэр Бүлүүбүт куоратын Өрөгөйүн ырыатын тылын ааптара оҕо сылдьан суруйбут бастакы хоһооннорун аахпыта улахан сэҥээриини ылла.
Иккиһинэн, Кыадаҥдаттан Томскайдар педагогическай династияларын утумнааччы, өр кэмҥэ үөрэх тэрилтэлэрин салайбыт, билигин биллиилээх судаарыстыбаннай диэйэтэл Г. И. Чиряев музейын директора Томскай Михаил Семенович тус бэйэтин анабыл хоһооннорун иэйэн-куойан туран аахпыта ураты сэргэхтик иһилиннэ.
Салгыы айар-туойар талааннар арыллар, чочуллар Тыымпытыттан төрүттээх учуутал, салайааччы, 4-с өрөспүүбүлүкэтээҕи «Учитель – профессия мужская» идэ күрэҕин 1 степеннээх лауреата, эйэлээх кэмҥэ Чечня сиригэр байыаннай дьайыыларга, сэриигэ кыттыбыт бэтэрээн Васильев Борис Николаевич, оҕолорго туохтан да чаҕыйбакка айан-тутан иһэллэригэр баҕаран туран, тута хоһуйбут айымньытын анаабыта кэрэхсэннэ.
Ыччаттарбыт хас биирдии ыалдьыт туһалаах сүбэтин, хомоҕой хоһооннорун ытыс дохсун тыаһынан арыаллаатылар, анаабыт алгыстарын истиҥник ылыннылар.
Ааҕар саалаҕа мустубут уоланнары, эр дьону Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэринэн ыччат политикатын туйгуна Владислав Потапов сахалыы сайаҕас ырыанан эҕэрдэлээтэ.
Тэрээһин үөрүүлээх түгэнинэн төрөөбүт тыл, сурук-бичик дэкээдэтин иһинэн ыытыллыбыт күрэхтэр түмүктэрин иһитиннэрэн, кыайыылаахтары бэлиэтээһин буолла.
Ол иһигэр Бүлүүтээҕи профессиональнай-педагогическай колледжка (тэрийээччи М. А. Софронеева) устудьуоннар ортолоругар ыытыллыбыт хоһоон айыытыгар күрэх бастыҥнарынан Ефипанов Павел, Ефремов Айхал, Николаев Кундул, Слепцова Дарияна, Лыткина Алина уонна Константинова Уйгулаана ааттаннылар. Кинилэргэ төрөөбүт дойдуларын айылҕатын, дьылын кэмин, бэйэ омугунан киэн туттууну, дьоҥҥо сыһыаны, буола турар байыаннай дьайыыны суруйарга холоммуттара табыллыбытын бэлиэтээн туран, тэрийээччилэр Добун суруктара туттарылынна.
Салгыы Бүлүүтээҕи библиотека ситимин директора Николай Харлампьев өрөспүүбүлүкэбитигэр онус төгүлүн ыытыллыбыт сахалыы дьыктаан бастыҥ суруксуттарын эҕэрдэлээтэ.
Ити курдук айар үлэҕэ анаммыт көрсүһүү, атах тэпсэн олорон кэпсэтии бэрт сэргэхтик, тэтимнээхтик барда. Кыттааччыларга анаан, саха литературатыгар сыһыаннаах таайбараҥ тэриллэн, өйү сытыылыыр, умнубуту санатыһар тоҕоостоох бириэмэ кытта көһүннэ.
Луиза Кононова, киин библиотека кыраайы үөрэтиигэ кылаабынай бибилэтиэкэрэ