Бу күннэргэ Бүлүү улууһун Арыылаах нэһилиэгин модельнай бибилэтиэкэтигэр Хомус күнүгэр анаммыт тэрээһин ыытылынна. Оҕолор хомуска иһирэх дорҕоон таһааран дьүрүһүтэ оонньоотулар…
Ил Дархан Егор Борисов 2011 сыллаахха бэс ыйын 27 күнүгэр таһаарбыт ыйааҕынан Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Хомус күнэ сэтинньи ый 30 күнүгэр бэлиэтэнэр.
Хомус күнэ 1990 сыллаахха Дьокуускайга аан дойду норуоттарын хомуһун түмэлэ аһыллыбыт күнүгэр сөп түбэһиннэрэн олохтоммут. Түмэл аһыллыытыгар Алексеев Иван Егорович — Хомус Уйбаан сүҥкэн өҥөлөөх. Бэлиэ күн 2011 сыллаахтан бэлиэтэнэр. Бу сыл бэс ыйыгар хомуска 1344 киһи тэҥҥэ оонньооннор, Гиннесс рекорда олохтонор.
Биһиги улууспут элбэх хомус уустардааҕынан биллэр. Аҥаардас биһиги нэһилиэепитигэр – Хампаҕа икки Аан дойду кылаастаах хомус уустара бааллар – Осипов П.Ф -Төлөн уус, Иван Колодезников-Үрүҥ уус.
Хомус күнүгэр анаан оскуола оҕолоругар хомус историятын туһунан слайд бэлэмнэнэн көрдерүлүннэ, кэпсэннэ уонна Осипова Анастасия Александровна күргүөм хомус оонньотто.
Г. Ф. Колодезникова, Арыылаах нэһилиэгин модельнай бибилэтиэкэтин кыл. бибилэтиэкэрэ
∗ По этой теме также советуем прочитать и посмотреть : «Үрүҥ Уус анабыл хомустара» кинигэ сүрэхтэниитэ» // Вилюйская библиотека : оф. сайт. – 2023. – URL: https://librvil.ru/2022/12/01/19684/ (дата обращения: 07.11.2023).