Киин библиотекаҕа ыытыллыбыт саха ускуустубатын түөрэҕин түһэрсибит Анемподист Иванович Софронов-Алампа кэриэһин толоруу, кини үрдүк аатыгар сүгүрүйүү бэлиэтинэн буолбут уопсастыбаннай бириэмийэни билиһиннэрэр түһүлгэни мустубут дьон олус сэҥээрдэ.
Онтон 2023 сыллааҕы, V-с үбүлүөйдээх бириэмийэҕэ биир тэҥинэн үс бастыҥ биир дойдулаахтарбыт: композитор СӨ культуратын туйгуна, СӨ композитордарын Сойууһун бэрэссэдээтэлэ Николай Михеев «Кылаан дьүрүскэн айааччы», мелодист, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ Иван Туласынов «Ырыа айааччы», ювелир, СӨ искусствотын үтүөлээх деятелэ, СӨ культуратын туйгуна, Россия худуоһунньуктарын Союһун чилиэнэ Александр Манжурьев «Дархан ойууһут» үрдүк ааттарын ылбыттара үөрүү өрөгөйүн үрдэттэ.
Бу лауреаттартан биирдэстэрин, Бүлүү куоратыгар олорор, өрүү мичээр аргыстаах, куруук тугу эрэ кутукунатан тэрийэн, оҥорон тиэтэйэ-саарайа, түбүгүрэ сылдьар эдэрси киһини олохтоохтор үгүстүк көрсөллөр. Кини – өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр ырыа айааччы, элбэх ырыа ааптара, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Иван Иванович Туласынов буолар.
Талыы талба күөх Таатта ыччата Тулааһынап Баанньа ыллыыр ыраас кумахтаах Бүлүү кытылыгар күтүөт буолан үктэммитэ 45 төгүрүк сыл буолла. Кинилиин олохтоохтор күннэтэ алтыһан, ыкса ыаллаһан бэйэ киһитэ оҥостон бүппүттэрэ ыраатта.
Оҕо эрдэҕиттэн музыкаҕа сыһыаннаах уол, илиитигэр аан бастаан «Этюд» диэн дьоҕус баяны тутуоҕуттан ыла, бу инструмены олоҕун арахсыспат аргыһа оҥостон күн бүгүнүгэр диэри илдьэ сылдьар.
Томскайдааҕы культурнай сырдатар училище музыкальнай – оркестровай салаатыгар үөрэнэн музыкант идэтин ылбыта – олоҕун суолун таба тайаныыта буолар. Бу куоракка кэрэчээн Ленатын көрсөн, таптал дириҥ иэйиитигэр ылларан, айар кута арыллан, «Таптаатым музыка тойугун» диэн бастакы ырыатын айар.
Кэрэни өрүү кэрэхсиир, өрө тутар Бүлүү дьоно, музыкант уолу ытыс үөһэ түһэрэн ылан, учуутал быһыытынан үөрэтэн, такайан үрдүккэ көтүппүттэрэ. Айымньылаах үлэ аартыктарын арыйан ситиһиилэргэ кынаттаабыттара. Уонунан сылларга оскуола, учууталлар кыһалара – училище үөрэнээччилэрин, устудьуоннарын ырыаҕа-тойукка уһуйбута. Мунньуммут уопутун үллэстэн биир идэлээхтэригэр анаан үөрэх босуобуйатын таһаарбыта.
Кэскиллээх үлэтинэн Бүлүүттэн тахсыбыт норуот талааннаахтарын, айар-тутар дьоһун дьонун сурукка тиһэн, тылларын-өстөрүн, ырыаларын-тойуктарын устан үйэтитэрэ буолар. Ол курдук ырыалар хомуурунньуктарын бэчээттэтэн, үгүс аудиоальбомнары устан киэҥ эйгэҕэ тарҕатта. Маны таһынан сылайары билбэккэ, ис иһиттэн умсугуйан туран, куорат, улуус түгэҕэ көстүбэт култуурунай тэрээһиннэрин музыка доҕуһуолунан киэргэтэрин сөҕө-махтайа көрөҕүн. Тус бэйэтэ суруйбут ырыаларын биирдиилээн толорооччулар, ансаамбыллар, хордар толорон өрөспүүбүлүкэ таһымнаах араас концертары, күрэхтэри киэргэтэллэр.
Иван Иванович биһиги библиотекабыт кэтэһиилээх ыалдьыта. Кини баянын кыбынан киирдэр эрэ дьиэбит иһэ сырдыы түһэр, үлэбит да чэпчиир курдук. Ырыатын, муусукатын тыаһыгар курус санаа күрэнэр, биир тэтим, биир сылаас тыын олохсуйар.
Бу да сырыыга, кинини Алампа лауреатын быһыытынан билиһиннэриигэ, иэйиилээх ырыаларын кэһии гынан аҕалан сааланы толорон, дохсун ытыс тыаһын хомуйда. Айар үлэтин, ситиһиилэрин кэпсиир «Таптаатым музыка тойугун…» диэн быыстапкатынан улахан кэрэхсэбили ылла. Түмүккэ, библиотекаҕа махтанан туран өр сыллаах үлэтин түмэн «ВЭСТ» устар студиятыгар бэлэмнээбит 22 дискэнэн хомуурунньуктары туттаран, сыаната биллибэт күндү бэлэҕи оҥордо.
Ити курдук, Иван Иванович ханна да сырыттар, дьон туһугар өр сыллаах киэҥ хабааннаах үлэтэ эргиччи сыаналанан, Алампа бириэмийэтин лауреатын үрдүк аатынан бэлиэтэннэҕэ. Сэмэй үлэһит бу ситиһиитин «Сүгүрүйэр биир дойдулааҕым Алампа аатынан бириэмийэ – айар үлэм чыпчаала. Миигин элбэххэ эбээһинэстиир, кытаанах ирдэбили туруорар, ону толоруох эрэ тустаахпын» – диэн сыаналыыр. Уонна эмиэ саҥа толкуйдары сурукка тиһээри, сонун соруктары олоххо киллэрээри тиэтэйэ-саарайа бүппэт үлэ түбүгэр хомунар.
Луиза Кононова, Бүлүү киин модельнай библиотекатын кыраайы үөрэтиигэ кылаабынай библиотекара
Салгыы Иван Иванович Тулааһынап туһунан сайтка киирбит информацианы манна ааҕыаххытын сөп:
Туласынов Иван Иванович: https://librvil.ru/tii/ ;
Алампа сулуһа өрүү үрдүккэ, сырдыкка угуйа туруо…: https://librvil.ru/2026/11/18/news18112026/;
Ырыа куттаах Уйбаан тула: https://librvil.ru/2019/02/08/news08022019/.