Алтынньы 26 күнүгэр Бөтүҥ сэлиэнньэтин «Арчы» сынньалаҥ киинигэр судаарыстыбаннай сулууспа бэтэрээнэ, Бүлүү улууһун, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах бэтэрээнэ, нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо Николай Никифорович Иванов туһунан өйдөбүнньүк кинигэни билиһиннэрии сэргэхтик ааста.
Сэрии сылын оҕото Николай Никифорович төрөөбүт Бөтүҥүттэн харыс да тэйбэккэ олоҕун, үлэтин бүтүннүү дьонугар-сэргэтигэр анаабыта, ол иһигэр 20-чэ сыл нэһилиэги быһаччы салайбыта. Кини олоҕун хаамыытын, үлэтин-хамнаһын, барытын чөкөтө, түмэ, суруна сылдьар үөрүйэҕэ кинигэ тахсыытыгар төһүү күүс буолла. Ол курдук, бэйэтэ бэчээккэ бэлэмнии сылдьыбыт матырыйаалларын туһанан оҕолоро кылгас кэм иһигэр ситэрэн-хоторон, бүтүн кинигэ оҥорон таһаардылар. Аҕатын элбэх суруйууларын, дьон ахтыыларын бэчээккэ таҥан, кинигэ уопсай тутулун сааһылаан сүрүн үлэни кыра кыыһа Лия Николаевна толордо.
Кинигэ 181 сирэйтэн турар, сахалыы тылынан суруллубут, ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар. Дьокуускай куорат «Алта» кинигэ кыһатыгар 100 ахсаанынан бэчээттэммит.
Ааҕааччы саҥа кинигэттэн Николай Никифорович Бөкчөҥөө уонна Элэмтэ устуоруйаларыттан суруйууларын, төрдүн-ууһун, оҕо сааһын ахтыыларын сэргээн ааҕыа. Кини туһунан олоххо бииргэ алтыспыт үтүө доҕотторун, үөлээннээхтэрин, махталлаах биир дойдулаахтарын, таптыыр-ахтар чугас дьонун, аймахтарын истиҥ ахтыыларын билсиэ. Кинигэ ис хоһоонун элбэх хаартыскалар, дөкүмүөннэр куоппуйалара толорон, ситэрэн биэрэллэр. Хаһыакка нэһилиэк араас кэминээҕи олоҕун-дьаһаҕын сырдаппыт ыстатыйалара киирбиттэр.
Никииппэрэбис көхтөөх ааҕааччы, үтүөкэннээх суруксут, оройуон хаһыатын общественнай корреспондена этэ. Дойдутун устуоруйатын үөрэтиигэ, тарҕатыыга улахан кылааттаах. Ыстатыйалара нэһилиэк туһунан кэпсиир «Бүлүү Бөтүҥэ», «Элэмтэ Кунакылара» диэн уонна Степан Аржаков сопхуос «Кыайыы кынаттаах кэмнэрбит» кинигэлэригэр бэчээттэммиттэрэ.
Саҥа кинигэҕэ дьоһун үлэһит, салайааччы иэйэр кута, айар үлэтэ ураты сүүрээн быһыытынан киирбитэ кэрэхсэннэ. Кини нэһилиэк Өрөгөйүн ырыатыттан саҕалаан суруйбут бииртэн биир эриэккэс, эгэлгэ хоһоонноро ааҕааччы болҕомтотун тардаллар Бу күн нэһилиэк олохтоохторо, сиэн уолаттар кини суруйан хаалларбыт хоһооннорун киэҥ саалаҕа ааҕан иһитиннэрбиттэрэ көрсүһүүнү өссө ордук долгутуулаах сылаас тыыннаата.
Ити курдук, сахалыы киэҥ көҕүстээх, мындыр толкуйдаах салайааччы, улахан дьиэ кэргэн тапталлаах аҕата, халыҥ аймах дурдата-хаххата Николай Никифорович Иванов олорон ааспыт түбүктээх олоҕо, ымыы гынан көтүппүт айымньылара бу кинигэҕэ тиһиллибиттэр. Кэлбит дьон бука бары Никииппэрэбис ыччаттарыгар махтанан, кинилэртэн үйэлээх өйдөбүнньүгү илиилэригэр тутан астынан тарҕастылар.
Луиза Кононова, киин библиотека кыраайы үөрэтиигэ кылаабынай библиотекара