Константин Харлампьев: саҥа кинигэ сүрэхтэниитэ

Уран тыл кэрэтигэр умсугуйар эрэллээх ааҕааччыларбытын, айар куттаах үтүө доҕотторбутун балаҕан ыйын 5 күнүгэр күнүс 14.00 чаастан Киин библиотекаҕа поэзия тула истиҥ көрсүһүүгэ ыҥырабыт.


Бу күн биһиэхэ ыалдьыттыыллар Сахабыт сирин суруйааччылара, биллэр ааптардар: суруналыыс, поэт, публицист, Иван Николаев-Уйбаан Уххан, Нам улууһуттан Арассыыйа суруналыыстарын уонна Саха сирин суруйааччыларын сойуустарын чилиэнэ Анатолий Софронов-Онтуон, Уус Алдантан Саха сирин суруйааччыларын уонна мелодистарын сойуустарын чилиэнэ Василий Пестряков-Курбуһах Уола, Тааттаттан Саха сирин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Валентина Пинигина-Арылы, Хаҥаластан Саха сирин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Татьяна Петрова-Мойуу Кыыһа, Үөһээ Бүлүүттэн Валерий Никифоров-Суор Уола.

Көрсүһүү үөрүүлээх чааһыгар биир дойдулаахпыт, саха суруйааччыта Константин Харлампьев «Эһиэхэ эрэ анаан» диэн саҥа кинигэтэ сүрэхтэниэ.

Кэлиҥ, сэргээҥ, поэзия күһүҥҥү ураты иэйиитигэр долгуйа куустарыҥ.



Бүлүүтээҕи киин библиотека

Оставить комментарий

Наш сайт использует файлы cookies, чтобы улучшить работу и повысить эффективность сайта. Продолжая работу с сайтом, вы соглашаетесь с использованием нами cookies и политикой конфиденциальности.

Принять
Обратная связь