Убаастабыллаах ааҕааччыларбытын, улуус олохтоохторун Дьиэ кэргэн Аан дойдутааҕы күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибит уонна ыам ыйын 17 күнүгэр, 11.00 чаастан киин бибилэтиэкэҕэ «Саха сирин көмүс дьиэ кэргэттэрэ» кинигэ 8-с таһаарыытын билиһиннэриигэ ыҥырабыт.
Үйэ аҥарыттан ордук кэм устата дьоллоохтук бииргэ олорбут Сахабыт сирин дьиэ кэргэттэрин кэпсиир кинигэни ЗАГС, ол эбэтэр, гражданнар туруктарын аакталарын суруйар Өрөспүүбүлүкэ салалтата, 2008 сылтан саҕалаан таһаартарбыта. Кинигэҕэ киириэхтээх холобурга сылдьар бастыҥ ыаллар тустарынан матырыйаалы улуустар саахсаҕа салаалара оройуон дьаһалтатын кытары биир сүбэнэн сүүмэрдээн бэлэмнииллэр.
Уопсайа Бүлүү улууһуттан бу тахсыбыт кинигэлэргэ ытыктанар, ыччакка үтүө холобур буолар 20 дьиэ кэргэн олоҕо кэрэ кэпсээн буолан үйэтитилиннэ.
Дойдубутугар Дьиэ кэргэн сылыгар ыытыллар кэрэ-бэлиэ түгэҥҥэ анаммыт кинигэ 8-с тахсыытыгар чиэстэнэн киирбит Бүлүү куорат, Хампа, Бороҕон, 2 Күүлэт, Сосновка ытык-мааны дьиэ кэргэттэрэ кыттыыны ылыахтара.
Үйэлээх таптал тула сэргэх кэпсэтии, истиҥ эҕэрдэлэр, ырыа-тойук сырдык бырааһынньыга эһигини күүтэр.
Улуустааҕы модельнай киин бибилэтиэкэ
∗ страница заставкатын оҥорууга «Саха сирин көмүс дьиэ кэргэттэрэ» кинигэ ойуулара туһанылыннылар