Улуу Кыайыы 79 сылын көрсө, ыам ыйын 7 күнүгэр, Бүлүү киин библиотекатыгар «Эйэни, көҥүлү уруйдуу туойабын!» диэн олохтоох ааптардар хоһооннорун күрэҕэ ыытылынна. Олохтоох ааптардары көҕүлүүр, саҥа ааттары арыйар, сонун суруйуулары билсэр сыаллаах улуустааҕы күрэххэ уопсайа 20 ааптар кытынна.
Аҕа дойду сэриитин кэпсиир, Улуу кыайыыны, эйэлээх олоҕу уруйдуур ис хоһоонноох биирдии хоһооннорун сэргэх истээччилэргэ Бүлүү куорат, Хампа, Өкүндү, Чинэкэ, Чочу, Халбаакы, Тылгыны, Үгүлээт айар куттаах ааптардара тиэртилэр.
Балаһыанньа быһыытынан күрэххэ кыттыы икки көрүҥүнэн: миэстэтигэр кэлэн уонна кэтэхтэн ыытылынна.
Күрэҕи Россия суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ, элбэх кинигэ ааптара Андрей Антонович Яковлев, Бүлүү куоратын Өрөгөйүн ырыатын тылын ааптара, сэрии кэмин оҕото, хомоҕой хоһоонньут, саха суруйааччыта Николай Иванович Иванов уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, кыраайы үөрэтээччи, саха тылын, төрүт үгэһин үөрэтиигэ, тарҕатыыга элбэх үлэлээх Марфа Спиридоновна Васильева сыаналаатылар. Кинилэр хас биирдии хоһоон суруллубут тылын-өһүн, форматын, теманы толору арыйыытын, истээччигэ дьайыытын көрдүлэр-иһиттилэр. Ордук болҕомтону ааптар уус-уран тылы хото туттуутугар уурдулар.
Дьүүллүүр сүбэ хас биирдии хоһоон суруллубут тылын-өһүн, форматын, теманы толору арыйыытын, истээччигэ дьайыытын сыаналаата. Ордук ааптар уус-уран тылы хото туттуутун болҕомтоҕо ылла.
Түмүккэ сирэй кыттааччыларга:
I үрдэли «Кыайыыга» Борис Васильев, Өкүндү;
II үрдэли «Ийэ түүлэ», Ульяна Иванова, Өкүндү;
III үрдэли «Төбөбүн төҥкөтүүм» Альбина Филиппова-Сыралыма, Бүлүү к., хоһоонноро ыллылар.
Хампаттан Анна Чиркова-Вилюйчанна «Алаһа дьиэтигэр» хоһоонунан «Ийэ сүрэҕэ» анал бириис хаһаайына буолла.
Кэтэхтэн кыттааччылар хоһооннорун истээччилэргэ култуура эйгэтин үлэһиттэрэ Алексей Быканов, Рудольф Томскай, Эркин Захаров, Владислав Потапов, библиотекардар Саргылана Петрова, Мария Егорова, Анна Чемпорова, Люция Капитонова, Надежда Седалищева, Туяра Васильева ааҕан тиэртилэр.
Түмүккэ:
I үрдэли «Уолаттар бардылар» Николай имофеев-Куола, Тылгыны;
II үрдэли «Буойун аҕабар» Егор Никифоров-Басхаай, Тылгыны;
III үрдэли «Өлбөт-сүппэт полк хаамар» Ульяна Иванова-Ульяна Ива, Халбаакы хоһоонноро ыллылар.Үгүлээттэн «Хоһуун саха уолаттарыгар» хоһоонунан кыттыбыт Эльза Афанасьева-Күн Кыыһыгар «Кэскиллээх хоһоонньут» анал аат иҥэрилиннэ.
Күрэҕи түмүктүүр түһүмэххэ дьүүллүүр сүбэ дьоҕурдарын, айар талааннарын иһитиннэрбит бары ааптардарга улаханнык махтанан туран, бастыҥ хоһоонньуттары ааттаталаата. Хоһоон суруйуута уустугун бэлиэтээн, хоһоон форматыгар, тылыгар-өһүгэр тус санааларын үллэстэн, элбэх сүбэни-аманы биэрдилэр. Бүлүүбүт улууһугар айар түмсүүлэр элбээн эрэллэриттэн долгуйа үөрэллэрин билинэн туран, сахалыы тыыннаах саҥа айымньылары суруйа туралларыгар алҕаатылар.
Онтон Андрей Яковлев «Күннээҕинэн буолбакка олус кыһамньылаахтык, ирдэбиллээхтик, хас биирдии хоһооҥҥут дьоҥҥо тахсарыгар, араас эйгэ дьоно истэн ааҕалларыгар куруук музыка курдук иһиллэр буолуор диэри айа туруҥ», — диэн баҕа санаатын эттэ.
Ити курдук, хоһоон түһүлгэтэ истиҥ, сырдык, сылаас эйгэҕэ ааста. Мустубут дьон хардарыта ааҕыллыбыт эмиэ да курус, санаа түһүүлээх, эмиэ да сүргэни көтөҕөр өрө күүрүүлээх хоһооннору иһийэн олорон иһиттэ. Чуумпурбут саалаҕа Иван Данилов, Розалия Васильева сэриигэ сыһыаннаах ырыалара дорҕоонноохтук кутуллан дууһа кылын өссө дириҥник таарыйдылар.
Тэрийээччилэр бары кыттааччыларга туоһу суруктары, кыйыылаахтарга дипломнары, өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттардылар. Онтон, олохтоох ааптардар Раиса Евсеева-Дьүөгэ, Ольга Винокурова-Саймаара, Андрей Яковлев-Чуос ааҕааччыларга анаан библиотекаҕа бэйэлэрин хомуурунньуктарын бэлэх ууннулар.
Суолталаах көрсүһүүгэ үөрүүнэн кыттыспыт улууспут айар куттаахтарын «Сарыал» (салайааччы Анна Чиркова-Вилюйчанна), Хампаттан «Иэйии» (салайааччы Раиса Евсеева-Дьүөгэ), Өкүндүттэн «Лира» (салайааччы Саргылана Петрова) түмсүүлэригэр, биирдиилээн кыттааччыларбытыгар, сэргэх истээччилэрбитигэр барҕа махталбытын тиэрдэбит!
Инникитин даҕаны, Аҕа дойду сэриитигэр биир дойдулаахтарбыт оҥорбут хорсун быһыылара, бойобуой үтүөлэрэ, Ийэ дойдуга бэриниилээх таптал, сиргэ ил-эйэ олохтонуута Ытык Бүлүү дьонун өйүгэр-санаатыгар дириҥник иҥэн, хоһоонноругар холбоно, ырыаларыгар ыллана турарыгар бигэ эрэллээхпит.
Луиза Кононова, киин бибилэтиэкэ кыраайы үөрэтиигэ кылаабынай бибилэтиэкэрэ