Кулун тутар 15 күнүгэр Бүлүү куоратын ыччат бибилэтиэкэтигэр «Чолбон» сурунаал эрэдээксийэтэ Россияҕа ДЬИЭ КЭРГЭН, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ОҔО СААС сылларыгар аналлаах «Чолбон: өй күрэһэ. Улахан оонньуу» 1 туурун ыытта.
Күрэскэ Бүлүү улууһун нэһилиэктэриттэн: Халбаакыттан, Бөтүҥтэн, Тааһаҕартан, Бүлүү куоратыттан барыта сэттэ дьиэ кэргэн кыттыыны ылла.
Күрэс сыала-соруга – дьиэ кэргэн болҕомтотун саха уус-уран литературатыгар тардыы, сахалыы уус-уран литератураны ааҕыыны көҕүлээһин, сахалыы ааҕар, литератуураны таптыыр дьону булан түмүү, иитии уонна өйөөһүн буолар.
Оонньуу саҕаланыытыгар Бүлүүтээҕи И.М. Гоголев-Кындыл аатынан библиотека ситимин дириэктэрэ Николай Харлампьев мустубут дьону эҕэрдэлээтэ, ыалдьыттары билиһиннэрдэ.
Күрэһи «Чолбон» сурунаал бас эрэдээктэрэ Гаврил Андросов, эппиэттиир сэкирэтээр Туяра Павлова уонна сурунаал эрэдээксийэтин сүбэтин чилиэнэ, СӨ суруйааччыларын, Россия суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, поэт, прозаик Ангелина Шадринова-Суоһааны ыыттылар.
Оонньуу олус көхтөөхтүк, тыҥааһыннаахтык ааста.
Күрэс түмүгүнэн 3 миэстэни Бүлүү куоратыттан Ионовтар, 2 миэстэни Халбаакыттан Петровтар, 1 бочуоттаах миэстэни Тааһаҕартан Каратаевтар дьиэ кэргэн ылла уонна иккис туурга Дьокуускай куоракка ыытыллар Өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэскэ кыттар туоһу суругу туттулар.
Суруйда уонна хаартыскаҕа түһэрдэ Бүлүүтээҕи ыччат библиотекатын кылаабынай библиотекара Светлана Николаева