Олунньу 13 күнэ – Саха норуотун маассабай суругун-бичигин алпабыытын айан төрүттээбит бастакы учуонай лингвист Семен Андреевич Новгородов төрөөбүт күнэ – САХА ТЫЛЫН КҮНЭ. Бу дьаhал СР бастакы президенэ Михаил Ефимович Николаев Ыйааҕынан 1996 сыллаахха олохтоммута.
«Төрөөбүт төрүт тылбыт
Ийэ мичээринии минньигэс,
Аҕа алгыһыныы амарах эбит…».(Төрөөбүт тыл, Афанасьев Л.)
Бу күн оройуоннай оҕо бибилэтиэкэтин ааҕар саалатыгар уһуйаан оскуолаҕа киириэн иннинээҕи бэлэмнэнии бөлөҕүн иитиллээччилэрэ уонна иитээччилэрэ сахалыы симэнэн киэркэйэн мааны ыалдьыт, күүтүүлээх күрэхтэһээччи буолан кэллилэр.
Оҕо төрөөбүт тылын, уус-уран айымньытын, саха норуотун үгэстэрин, сиэрин – туомун билиитин бэрэрбиэркэлиир сыалтан «Мин сахабын» оскуолаҕа киириэн иннинээҕи бэлэмнэнии бөлөх иитиллээччилэригэр аналлаах улуснай тургутук (олимпиада) ыытылынна.
Олимпиада тоҕус сорудахтан турда. Сорудахха өбүгэбит олоҕо-дьаһаҕа, сүрүн дьарыктара, астара-үөллэрэ, туттар тэриллэрэ, таҥнар таҥастара, оонньуулара, таабырыннара, остуоруйата киирдэ. Ыытааччы сорудахтары ааҕан иһитиннэрэр, ол бириэмэҕэ ойуулаах слайда быһыытынан боппуруос экраҥҥа көстөр. Кытааччылар сөптөөх эппиэттэрин сорудахтаах бланкаҕа толордулар. Уопсайа уон биир оҕо кэлэн бэйэтин билиитин бэрэбиэркэлээтэ.
Кыттааччылар толорбут үлэлэрин саха тылын үөрэхтээҕэ, Иван Лаврентьевич Кондаков аатынан Бүлүүтээҕи гимназия педагог бибилэтиэкэрэ Анжелика Елисеевна уонна оройуоннай оҕо бибилэтиэкэтин үлэһиттэрэ бэрэбиэркэлээн, бааллара тэҥнэспит оҕолорго эбии сорудахтаан чопчу кыайыылаахтар ааттара билиннэ:
Бастакы үрдэл – Филиппова Регина, «Чэчир» уһуйаан иитиллээчитэ Хаҕын нэһилиэгэ;
Иккис үрдэл – Егорова Арианна, «Сулусчаан» уһуйаанын иитиллээччитэ Чинэкэ нэһилиэгэ;
Үһүс үрдэл – Слепцова Алисия, «Аленушка» оҕону сайыннарар киин иитилээччитэ, Бүлүү куорат.
Кыайыылаахтарга үөрүүлээх быһыыга-майгыга добун сурук, кыттааччыларга туоһу сурук, иитээччилэргэ махтал сурук туттарылынна.
Бастакы холонуу тэрээһиммитигэр сэргэх сонун кынан оҥостон кэлэн кыттыбыт уһуйаан иитээччилэригэр махталбытын тиэрдэбит. Оҕону иитэр сыралаах үлэҕит таһаарыылаах буоллун. Онтон кырачаан кыттааччыларбытыгар дьоллоох оҕо сааһы, сахалыы саймархай санаалаах дьоһун дьон буола улаатыҥ.
Бүлүүтээҕи оройуоннай оҕо бибилэтиэкэтэ