Библиотекабыт 125 сыллаах үбүлүөйдээх сыла түмүктэнэр күннэригэр уран тылынан умсугуйан суруйуунан дьарыктанар, Бүлүү куоратын олохтооҕо Альбина Егоровна Филиппова-Сыралыма күндү ыалдьыт буолла.
«Олох-төлкө оонньуута.
Олох-түгэн түмсүүтэ,
Олох-халбас харата,
Олох-хаарты хараҕа…»
Сыралыма
Альбина Егоровна Үөһээ-Бүлүү Балаҕаннааҕар төрөөбүтэ, Кырыкый нэһилиэгэр улааппыта. 1978 сыллаахха Бүлүү педучилищетын бүтэрэн баран Кырыкыйга уһуйаан иитээччитинэн үлэлээбитэ. Билигин Бүлүү куоратыгар олорор. Улахан дьиэ кэргэн ийэтэ, эбээтэ.
Хоһоон суруйарынан 1995 сылтан дьарыктанан саҕалаабыта. Бастакы хоһоонноро ити сыл Үөһээ-Бүлүү оройуонун хаһыатыгар бэчээттэммиттэрэ. Кэнники өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар, сурунаалларыгар тахсыбыттара. Туспа хомуурунньук кинигэ буолан тарҕаммыттара.
Хоһоонньут саҥа дьылы көрсө «Олох диэн кэрэ эбээт!» уонна «Олоҕу кэпсиибин» диэн саҥа хомуурунньуктарын илдьэ кэлэн киин библиотека ааҕааччыларыгар дьоһун бэлэх оҥордо. Кинигэлэр иккиэн «Дани-Алмас» компанияҕа 150-нуу экземплярынан бэчээттэнэн тахсыбыттар.
Ааптар саҥа кинигэлэригэр кэнники кэмҥэ суруйбут олох, таптал, дьон икки ардыгар сыһыан, төрөөбүт дойду тустарынан истиҥ иэйиилээх хоһоонноро киирбиттэр. Манна кини олоххо тугу көрбүтүн, көрсүбүтүн хайдах баарынан ааҕааччыга тиэрдэр.
Альбина Егоровна бу курдук айар үлэтин түмэн ис санаатыттан бэртээхэй бэлэх оҥорбутугар барҕа махталбытын тиэрдэбит! Инникитин даҕаны төрөөбүт тылга, дойдуга тапталы иҥэрэр саҥа айымньыларынан ааҕааччыларбытын үөрдэ турарыгар баҕарабыт!
Киин библиотека кыраайы үөрэтиигэ кылаабынай библиотекара Луиза Кононова
Сыралыма Альбина хоһоонноруттан