СР Национальнай архивын бөлөҕө Бүлүү бөлөх улуустарынан «История вилюйских якутов (XVII — начало XVIII вв.)» диэн кинигэ биһирэмин ыытар. Автор – СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Россия бочуоттаах архивиһа, СР Национальнай архивын директорын солбуйааччы Степанова Наталия Степановна.
Буолар сирэ: Бүлүү к., И.М. Гоголев-Кындыл аатынан киин библиотека ааҕар саалата, Орджоникидзе уул., 6 «а». Буолар күнэ: Муус устар 3 күнэ, 11:00 ч.
Бүлүү сахаларын XVII үйэтээҕи олохторун кэрчик кэпсээнэ архыып докумуоннарыгар суруллан хаалбытын Москватааҕы былыргы аакталары харайар федеральнай архивтан булан, ааҕан, үөрэтэн бэчээккэ бэлэмнээн дьонугар-сэргэтигэр үтүө бэлэҕи оҥордо, ааҕааччы киэҥ билиитигэр таһаарда.
Кинигэҕэ 54 докумуон киирдэ, онтон 43 докумуон научнай эйгэҕэ аан бастаан тахсар.
Кинигэ бастакы чааһа – Бордоҥ сахаларыгар ананар. Бордоҥнор Хаҥалас сахаларыттан нуучча кэлиэн иннинэ арахсан биир туспа аҕа ууһун үөскэппиттэрэ, Сиинэ, Буотама үрэхтэригэр сыстан, сүөһү-баай тэринэн быр бааччы олорбуттара.
Бордоҥнор, дьаархаттар, хаҥаластар, нөөрүктээйилэр, наахаралар, о.д.а саха уустара 1630-1640-с дьалхааннаах сылларга – «киһи буолар дуу, кии буолар дуу» диэн ыараҥнатан, кэскиллээҕи толкуйдаан Бүлүү сиригэр тиийэн олохсуйан бүлүү сахалара үөскээн-тэнийэн баралларыгар олук охсубуттара.
Докумуон дьиҥнээх кэпсээнэ ааҕааччы болҕомтотун тардыаҕа. Автор «Кинигэ сүрүн күүһүнэн-аналынан – Саха сирин XVII үйэтээҕи чахчытын, өбүгэлэрбит олорон ааспыт былдьаһыктаах олохторун, саханы саха дэппит чулуу дьоннорун ааттарын-суолларын, номохторго, үһүйээннэргэ кэпсэнэри ситимнээн сурукка тиһиллибитин тэҥнээн көрөн дьиҥнээҕин үөрэтии буолар», — диэн этэр.