Саҥа кинигэ сүрэхтэниитэ

Улуу Кыайыы 75 сылыгар анаан “Бүлүү эписиэрдэрин бойобуой суоллара” диэн дириҥ ис хоһоонноох, ураты оҥоһуулаах дьоһун кинигэни Бүлүүбүт киэн туттар киһитэ, Бүлүү к. уонна улууһун бочуоттаах олохтооҕо, А.И. Николаев аатынан Албан аат мусуойун сэбиэдиссэйэ Клара Егоровна Саввинова хомуйан оҥорон, бар дьонугар бэлэх уунна.

Сэтинньи 26 күнүгэр М.Н. Жирков аатынан култуура Дыбарыаһыгар саҥа кинигэни киэҥ эйгэҕэ билиһиннэрии үөрүүлээх тэрээһинэ уратытык барда, ону киин бибилитиэкэ үлэһитэ Мария Егоровна Егорова иилээн-саҕалаан ыытта.

Ол курдук кинигэни хомуйан таһаарбыт Клара Егоровна “Үлэҕэ, олоххо дьулуурунан” диэн стендэҕэ “суруллубут суоруллубат” диэн бэргэн этиинэн салайтаран, бар дьонугар бэлэхтээбит үйэлээҕи, кэрэни кэпсиир кинигэлэрэ, ыстатыйалара саас-сааһынан кэккэлээбиттэр.

Итини сэргэ алдьархайдаах сэриини, уоту-ууну ортотунан ааспыт, өлөр өлүүнү эрдээхтик көрсүбүт саха саллааттара, эписиэрдэрэ тутта сылдьыбыт бойобуой маллара, мэтээллэрэ киэҥ көрүүгэ ууруллубуттар.

Итиэннэ ол саҕанааҕы кэми көрдөрүүгэ сыччах судургу кэпсэтиинэн эрэ муҥурдаммакка, ону санатар, дууһаны долгутар ырыанан, тэттик сыаҥканы толоруунан кинигэни билиһиннэрии саҕаламмыта ураты быһыыны-майгыны үөскэттэ.

Николай Федоров

Источник: Инстаграм-аккаунт газеты «Олох суола»:  https://www.instagram.com/p/CW-LNS9Agyu/

Полную версию статьи читайте на портале Ulus Media. Олох суола: https://xn--80avakbauqq.xn--p1ai/article/33094


Оставить комментарий

Наш сайт использует файлы cookies, чтобы улучшить работу и повысить эффективность сайта. Продолжая работу с сайтом, вы соглашаетесь с использованием нами cookies и политикой конфиденциальности.

Принять
Обратная связь