Көмүлүөк оһох иннигэр олоҥхолоон оҕонньор оллоонноон олорон, Аан Ийэ дайды айыллыытын ыллаан-туойан бардаҕына, Саха киһитэ күннээҕи түбүгүн умнан, сылайбытын аһарынан, кулгаах иччитэ буолан, нохтолоох сүрэҕэ долгуйан ылара, «Ноо!» диэн сэнээрбитин биллэрэрэ эбитэ үһү… Бүлүү улууһа олоҥхо биир уутуйан үөскээбит түөлбэтинэн буолар, улуу олоҥхоһуттарынан киэҥник биллэр…