Саха народнай поэта

Иван Михайлович Гоголев-Кындыл

БИОГРАФИЯ

Олоҕун суола

Иван Михайлович Гоголев-Кындыл (18.01.1930–22.11.1998) — Саха АССР народнай поэта, Саха Республикатын искусстволарын үтүөлээх деятелэ, Саха комсомолун бириэмийэтин лауреата. 1957 сылтан СССР Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ.
1930 с. тохсунньу 18 күнүгэр Бүлүү куоракка төрөобүтэ.
1937 с. Чочу 7 кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ.
[1944–1945 сс. (күһүөрү кыһыҥҥа диэри) Бүлүүтээҕи педагогическай училищеҕа үөрэнэр].
1947 с.
Дьокуускай куорат 2-с нүөмэрдээх оскуолатын бүтэрбитэ.
1948 с. бастакы хоһооно «Хотугу сулус» сурунаалга бэчээттэммитэ.
1952 с. 22 саастааҕар «Ынырар уоттар» диэн хоһооннорун уонна поэмаларын хомуурунньуга бэчээттэммитэ. Чаҕылхай талаан саха поэзиятыгар дохсуннук уонна киэн далааһыннаахтык киирбитэ, онтон ыла саха ааҕааччыларын куттарын туппута, кинилэр тапталлаах суруйааччыларынан буолбута.
1954 с. Москваҕа Максим Горькай аатынан литературнай институту бүтэрбитэ. Аҕыйах сыл Саха сиринээҕи кинигэ издательствотыгар редакторынан, оскуолаҕа учууталынан үлэлээн баран, идэтийбит суруйааччы быһыытынан олоҕун бүүс-бүтүннүүтүн үлүскэннээх айар үлэҕэ анаабыта уонна ол тухары айар үлэтигэр саамай тахсыылаах кэмин иккис төрөөбүт сирин кэриэтэ буолбут Ханалас улууһун Покровскайыгар — эймэнэ туойбут Улуу Эбэтин Өлүөнэ үрдүк кытылыгар — олорон ааспыта.

«Иван Гоголев-Кындыл Уйбаан дууһатынан, хаалларбыт айымньыларынан чахчы Улуу поэт, Улуу романист, Улуу драматург этэ. Ону ситэри арыйар, итэҕэтэр инники сорукпут»

Сивцев Василий Тарасович — литератураны ырытааччы, тылбаасчыт, саха норуодунай бэйиэтэ.

1957 с. ССРС суруйааччыларын Союһун чилиэнэ буолбута.
1958 с. «Хаарчаана» диэн ааттаах оҕолорго анаан суруйбут кинигэтэ бэчээттэммитэ.
1961 с. ССКП чилиэнэ буолбута
1961 с. «Кыталыктар кырдаллара» диэн музыкальнай остуоруйа-пьесата Саха государственнай драматический театрын сценатыгар ситиһиилээхтик турбута.
1962 с. «Хотугу сибэкки» диэн опереттата Саха музыкальнай-драматическай театрын сценатыгар туруоруллубута.
1962 с. «Саха АССР искусстволарын үтүөлээх деятелэ» бочуоттаах аат инэриллибитэ
1962 с. Саха поэттарыттан бастакынан «Күн хэйата» диэн хоһоонунан улахан романы суруйбута.
1976 с. Композитордар Валерий Кац кини либреттотыгар «Кыһыл көмүс ох» операны, онтон Захар Степанов эмиэ кини либреттотыгар «Сээркээн сэһэн» мюзиклы туруорбуттара.
1977-1987 сс. «Хара кытылык» диэн биир бөдөн уонна ааҕааччы киэн сэнээриитин ылбытүс кинигэлээх романа бэчээттэммитэ.
1978 с. Саха комсомолун аатынан бириэмийэ аан бастакы лауреата буолбута.
1980 с. «Бочуот знага» ордены Иван Гоголев-Кындыл Уйбааҥҥа ССКП  Саха уобаластааҕы комитетын I секретара Г.И. Чиряев туттарбыта.
1985 с. Иван Гоголев-Кындыл Уйбаан либреттотыгар Захар Степанов «Биһик ырыата» диэн операта Саха музыкальнай-драматический театр сценатыгар ситиһиилээхтик туруоруллубута.
1986 с. Композитор Владимир Ксенофонтов поэт »Аал Луук мас аман өһө» диэн поэматыгар симфония, композитор Валерий Кац кантата суруйбуттара.
1987 с. ити симфония бастакы телевизионнай премьерата, симфоническай оркестры Г.Кривошапко салайан, ситиһиилээхтик оонньоон иһитиннэрбиттэрэ.
1990 с. Саха АССР народнай поэтын аата иҥэриллибитэ.
1990 с. Бүлүү улууһун «Бочуоттаах гражданина» диэн үрдүк аат инэриллибитэ.
1997 с. олохтоммут «Северная звезда» диэн Россия литературнай бириэмийэтин лауреатын үрдүк аатын бастакынан ылбыта.
1998 с. «РФ культуратын үтүөлээх үлэһитэ» буолбута.
1998 с. Россия Президенэ Б. Ельцин укаһынан «Дружба» орденынан надараадаламмыта.

«…Айар үлэ дьолун бары дьолтон ордоробун…»

​Иван Михайлович Гоголев-Кындыл

Поэт бэйэтэ ылыммыт суруйар аатын туһунан

“Ойуун бу мээнэ киһи буолбатах. Биһиги сахалар чахчы дьикти омуктарбыт. Араас дьикти улуу талааннаах омуктарбыт. Аҥардас олонхобутун да ылан көр. Улуу айымньы. Оттон ойууттарбыт диэн — улуулар улуулара. Мин төрүппэр аата ааттаммыт улуу кырдьаҕас баара үһү… Ол улуу кырдьаҕас өлүөн эрэ иннинэ уолун, мин эһэбин, Кындыл Уйбааны, ыҥыран ылбыт уонна эппит: “Дьэ, тоойуом, мин өбүгэлэрбэр аттанарым чугаһаата. Эн эмиэ мин курдук алта оҕолонуоҥ: үс уол, үс кыыс. Аана диэн кыыһыҥ эмиэ үс уол, икки кыыс оҕолонуо. Кини иккис уола бэлиэлээх төрүө. Ол оҕо миигин солбуйуо…

Попов, Иннокентий Куприянович. Иван Михайлович Гоголев-Кындыл — прозаик, народнай поэт // Саха суруйааччыларын псевдонимнара / И. К. Попов. — Дьокуускай : Бичик, 2005. С. 11-13.

И. М. Гоголев бастакы псевдонимын туһунан

«…Сэрии бастакы сылыгар оскуолабытыгар [Чочу оскуолата, Бүлүү улууһа] «Кырыымпа буолларбыан» диэн билиҥҥэ диэри ылланар ырыа тылларын автора Семен Кузьмич Попов-Витамин директорынан үлэлии кэлэр. Кэлээтин үөрэнээччилэр айар дьоҕурдарын сайыннарарга болҕомтотун туһаайар. Оскуолабыт литературнай куруһуоктанар. Оскуолатааҕы истиэнэ хаһыатгарын матырыйааллара үксүгэр хоһоонунан суруллаллар. Уйбанчыак хоһоону биирдэ аахта, иһиттэ да нойосуус кэриэтэ өйдөөн хааларын бииргэ үөрэммитгэрэ сөҕөллөрө. «Мэник Баанньа Гоголевтан саха норуота бүтүннүүтэ киэн тугтар киһитэ тахсыаҕа», — диэн директорбыт уруокка этэр эбит. (Таарыччы аҕыннахха, Уйбаан Өлөөҥҥө тохсус кылааска үөрэнэ сылдьан, сакалааттаһан баран, «Евгений Онегины», ис хоһоонун биэрэн туран, нойосуус аахпыт). Уһун биримиэнэлэргэ, нэһилиэкпитигэр, оскуолабытыгар буолар концертарга дирскторбыт бэйэтэ суруйбут хоһооннорун ааҕарын үөрэнээччилэр умсугуйан истэллэрэ. Семен Кузьмич үлэлии сылдьан, сэрии кэмигэр, сэллик ыарыыттан өлбүтэ. Иван, литератураҕа интэриэһин өйдөөбүт уонна өйөөбүт күндү учуугалын кэриэстээн, бастакы хоһооннорун Витаминин диэн аатынан илии баттаан суруйара, таһаарара…» (поэт, тылбаасчыт, Саха Республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ Василий Тарасович Сивцев кэпсээниттэн)

Источник: Кычкина Е. Н. Кэскили кэрэһэлиир кэрэ кэм  / Е. Н. Кычкина // Төрөөбүт тыл уонна литература : саха тылын уонна литературатын учууталыгар аналлаах сылга түөртэ тахсар научнай-методическай сурунаал / . – 2010. – N 1 (17). – тохсунньу – кулун тутар ый. – 2010. – С. 53.

Иван Михайлович Гоголев-Кындыл айымньылара

Талыллыбыт айымньылар хомуурунньуктара : 8 томнаах / Иван Гоголев-Кындыл ; [хомуйан оҥордо В. Т. Сивцев ; редкол.: М. Д. Ефимов уо. д. а. ; киирии ыстатыйаны суруйда Н. Н. Тобуруокап]. — Дьокуускай : Бичик, 2005-. — 20 см. — (Саха литературатын классиктарын библиотеката).
Т. 1: Сарсыардааҥҥы омурҕан : хоһооннор. — 2005. — 302, [1] с. URL: http://xang-elib.ru/open/1177
Т. 2: Ортоку омурҕан : хоһоонунан роман, сонеттар, хоһоонунан номохтор, тиһэх хоһоонноро. — 2005. — 397, [1] с. ; 20 см. — 2000 экз. – URL: http://xang-elib.ru/open/1273
Т. 3: Киэһээҥҥи омурҕан : поэмалар. — 2005. — 349, [1] с. – URL: http://xang-elib.ru/open/1436

Айымньылар / Кындыл — И. Гоголев ; [ред. коллегия: Ф. В. Габышева, Д. Е. Васильева, А. В. Егоров уо.д.а.]. — Дьокуускай : Бичик, 2013-. — 21 см. — (Саха народнай суруйааччылара : серия 2005 с. олохтоммута).
Т. 4: Драмалар ; [хомуйан оҥордо, киирии тылы суруйда М. И. Ушницкая]. — 2013. — 364, [2] с. — 2000 экз. – URL: http://xang-elib.ru/open/1162
Т. 5: Драмалар / [хомуйан оҥордо М. Ушницкая]. — 2015. — 218, [2] с. — 1600 экз. – URL: http://xang-elib.ru/open/1235 
Т. 6: Иэйэхсити кэлэтии : роман. — 2019. — 316, [2] с. – 4000 экз. — [16+].   

Проза

Мин эһигини таптыыбын : сэһэн / Иван Гоголев. — Якутскай : Якутское книжное изд-во, 1971. – 110 с. ; 20 см. (читать в ЭБ НБ РС(Я))
Хара кыталык : роман : [3 кинигэлээх. 1-кы кинигэтэ] / Иван Гоголев. — Якутскай : Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1977. — 357, [1] с. : ил. ; 21 см. — 15000 экз. (читать в ЭБ НБ РС(Я))
Хара кыталык : (роман) : [3 кинигэлээх]. (2-с кинигэтэ) / Иван Гоголев. — Якутскай : Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1982. — 287, [1] с. ; 21 см. — 15000 экз. (читать в ЭБ НБ РС(Я))
Хара кыталык : (роман) : [3 кинигэлээх]. (3-с кинигэтэ) / Иван Гоголев. — Якутскай : Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1987. — 1987. — 261, [1] с. ; 21 см. — 15000 экз. (читать в ЭБ НБ РС(Я))
Эһэкээн үөһэ : сэһэн : улахан уонна орто саастаах оскуола оҕолоругар / Иван Гоголев. — Якутскай : Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1978. — 127, [1] с. ; 20 см. (читать в Вилюйской ЭБ)
Олорор мутуккун кэрдимэ : сэһэн / И. М. Гоголев ; [ред. Р. Д. Ермолаев ; И. С. Барахтыров ойуута]. — Якутскай : Кинигэ изд-вота, 1986. — 213, [1] с. ; 20 см. (читать в ЭБ НБ РС(Я))

Иэйэхсити кэлэтии : «Иэйиэхсит» роман маҥнайгы кинигэтэ / Иван Гоголев. — Дьокуускай : Бичик, 1993. — 270, [2] с. ; 21 см. (читать в ЭБ НБ РС(Я)

Хара кыталык : роман / Иван Гоголев. — Переизд. — Дьокуускай : Бичик, 2008. — 909, [2] с., [1] л. портр. ; 21 см. — (Уран тыл уустара).

Манчаары : роман / Иван Гоголев. — Дьокуускай : Бичик, 2012. — 350, [1] с. : портр. ; 21 см. — (Уран тыл уустара). — 2000 экз. – URL: http://xang-elib.ru/open/1336

Драматургия

Ыам ыйын халлаана : пьесалар / Иван Гоголев. — Якутскай : Якуткнигоиздат, 1966. — 152 с. (читать в ЭБ НБ РС(Я))
Үрүҥ көмүс иҥэһэ : (хоһоонунан драмалар) / Иван Гоголев. — Якутскай : Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1974. — 201, [2] с. ; 20 см. (читать в ЭБ НБ РС(Я))
Драмалар / Иван Гоголев. — Якутскай : Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1981. — 285, [2] с. ; 21 см. (читать в ЭБ НБ РС(Я))

Хоһооннор

Ыҥырар уоттар : [хоһооннор, поэмалар] / И. Гоголев. — Якутскай : САССР Госиздата, 1952. — 64, [1] с. ; 14 см. (читать в ЭБ НБ РС(Я))
Ыраах суолга : [хоһооннор уонна поэмалар] / Иван Гоголев. — Якутскай : Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1956. — 141 с. : портр. ; 20 см. (читать в ЭБ НБ РС(Я))
Хаарчаана : [хоһооннор уонна остуоруйалар хомуурунньуктара : кыра уонна орто саастаах оҕолорго] / Иван Гоголев ; [С. Федоров ойуулара]. — Якутскай : Кинигэ изд-вота, 1958. — 89, [2] с. (читать в ЭБ НБ РС(Я))
Кынаттар : хоһооннор уонна поэмалар / Иван Гоголев. — Якутскай : Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1959. — 78, [1] с. : ил. ; 20 см. (читать в ЭБ НБ РС(Я))
Күн хайата : хоһоонунан роман / Иван Гоголев. — Якутскай : Саха сиринээҕи кинигэ издательствота, 1962. — 185, [2] с. ; 20 см. (читать в ЭБ НБ РС(Я))

Пальмалаах кытыллар : оскуола улахан саастаах оҕолоругар хоһооннор / Иван Гоголев. – Якутскай : Якуткнигоиздат, 1963. – 58 с. – URL: http://xang-elib.ru/open/645)

Лирика : [хоһооннор] / Иван Гоголев ; [художник В. К. Антонов]. — Якутскай : Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1965. – 158, [1] с. : ил. – URL: http://xang-elib.ru/open/947

Сардаана : [хоһооннор] / Иван Гоголев. — Якутскай : Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1967. — 78, [2] с. : ил. ; 20 см. – URL: http://xang-elib.ru/open/648

Ытыс дьэдьэн : хоһооннор, поэмалар / Иван Гоголев. — Якутскай : Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1968. — 86, [1] с. : ил. ; 17 см. (читать в ЭБ НБ РС(Я))

Тоҕус халлаан анныгар : хоһооннор / Иван Гоголев. — Якутскай : Якуткнигоиздат, 1970. — 144 с. : ил. – URL: http://xang-elib.ru/open/948

Өлүөнэ хоптолоро : (хоһооннор) / Иван Гоголев ; худож. Н. П. Соловьев. — Якутскай : Саха сиринээҕи кинигэ изд-во, 1973. — 86, [1] с. : ил. ; 16 см. (читать в ЭБ НБ РС(Я))
Ийэ буор : поэма, хоһооннор, ырыалар / Иван Гоголев. — Якутскай : Кинигэ изд-вота, 1976. — 95 с. : ил. (читать в ЭБ НБ РС(Я))
Өксөкулээх сэргэ : хоһооннор / И. М. Гоголев ; [ред. В. А. Тарабукин ; уруһуйдара В. Д. Иванов]. — Якутскай : Кинигэ изд-вота, 1979. — 430 с. : ил. ; 17 см.
Харса суох Хампаадай : кыра саастаах оҕолорго / Иван Гоголев ; И.И.Попов уруһуйдара. — Якутскай : Кинигэ изд-вота, 1981. — 8 с. : ил. (читать в ЭБ НБ РС(Я))
Тохсунньу харыйата : (cонеттар, поэмалар) / Иван Гоголев ; И. Е. Капитонов уруһуйа. — Якутскай : Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1984. — 101, [2] с. : ил. ; 16 см. (читать в ЭБ НБ РС(Я))
Таптал чуумпу тыллара / Кындыл ; [хомуйан оҥордо С. Г. Алексеева ; аан тыл авт. С. Ноева]. — Дьокуускай : Бичик, 2011. — 106, [1] с. — (Саха саарыннара ; Быыкаа кинигэ түмэлэ)

Поэмалар

Маҥнайгы кыымнар : поэма / Иван Гоголев. — Якутскай : Якуткнигоиздат, 1964. — 48 с. (читать в ЭБ НБ РС(Я))

Туөрт саҕах : хоһоонунан роман уонна поэмалар / И. Гоголев ; [ред. В. А. Тарабукин ; В. Д. Иванов уруһуйдара]. — Якутскай : Кинигэ изд-вота, 1980. — 347, [2] с. : ил. ; 17 см. (читать в ЭБ НБ РС(Я)

Айан аарыктара : (поэмалар) / Иван Гоголев. — Якутскай : Саха сиринээҕэ кинигэ изд-вота, 1989. — 278 с., [1] л. порт. ; 17 см. (читать в ЭБ НБ РС(Я))
Ытык дабатыы : хоһооннор, поэма / Иван Гоголев. — Дьокуускай : Саха Республикатын национальнай кинигэ изд-вота, 1992. — 109, [2] с. ; 20 см. — (Саха оскуолатын библиотеката). — 1000 экз. (читать в ЭБ НБ РС(Я))
Үһүс харах : роман-поэма / Иван Гоголев. — Дьокуускай : Бичик, 1999. — 239 с. ; 20 см.

Кындыл айымньылара нууччалыы, английскайдыы тылларынан

В дальний путь : стихи и поэмы / Иван Гоголев ; [авториз. пер. с якут.]. — Якутск : Книжное изд-во, 1957. — 95 с. : ил., портр. ; 21 см.

Ягель в инее : » Возвращение в зрелость» : стихи и поэма. пер. с якут. — Москва : Сов. писатель, 1966. — 95 с. : ил. ; 16 см.

Письмена на бивне мамонта : стихи / Иван Гоголев ; перевод с якутского Владимира Цыбина. — Москва : Советский писатель, 1972. — 76, [2] с. ; 16 см. – URL: http://xang-elib.ru/open/641

Ищу волшебный подснежник : стихи : перевод с якутского / Иван Гоголев. — Москва : Современник, 1974. — 77, [2] с. ; 16 см. — (Новинки «Современника»). – URL: http://xang-elib.ru/open/644

Чайки над Леной / Иван Гоголев ; пер. с якут. О. Шестинского. — Москва : Советский писатель, 1977. — 102 с. : ил. — (Книга стихотворений).

Серебряное стремя : стихи : перевод с якутского / Иван Гоголев. — Москва : Советская Россия, 1979. — 208, [1] с. : ил., портр. ; 17 см. – URL: http://xang-elib.ru/open/1155

Черный стерх : роман / Иван Гоголев ; пер. с якут. Д. Чупрыни. — Москва : Современник, 1984. — 271, [1] с. ; 21 см. — (Новинки «Современника»).

Черный стерх : роман / Иван Гоголев ; пер. с якут. Д. Чупрыни ; [худож. С. М. Болховитинова]. — Москва : Советская Россия, 1990. — 270, [1] с. : ил. ; 21 см.

Месть шамана ; Последнее камлание : романы / Иван Гоголев ; пер. с якут. А. Ленской. — Москва : Советский писатель, 1992. — 413, [3] с. : портр. ; 21 см.

Книга мистерий = Ытык дабатыы / Иван Гоголев-Кындыл ; [пер., предисл. и коммент. Е. С. Сидорова]. — Якутск : Триада, 2003. — 228 с. : ил. ; 27 см.

Манчаары / Иван Гоголев ; [пер. с якут. Анны Ленской и Марины Ушницкой]. — Якутск : Якутия, 2005. — 341 с. ; 22 см. (читать в ЭБ НБ РС(Я))

Солнечная гора : роман в стихах / Иван Гоголев ; [пер. с якут. на рус. яз. Н. Малышева ; худож. Л. И. Гоголева]. — Якутск : Бичик, 2010. — 173, [2] с. : ил. ; 17 см.

Das dritte Auge. Drei Leben einer Seele : roman-poem / Ivan Gogolev ; aus dem russischen von Walerija Weiser. — Berlin : Dagyeli, 2005. — 183, [1] c. ; 19 см.

Кындыл Уйбаан айымньыларын, олоҕун туһунан кинигэлэр, ыстатыйалар

Семенова, Розалия Степановна. Иван Гоголев прозаическай айымньыларын оскуолаҕа үөрэтии уратыта : (учууталларга, үөрэнээччилэргэ аналлаах көмө пособие) / [Р. С. Семенова ; рецензент Н. Н. Тобуроков]. – Бүлүү: Улус. тип., 2003. – 34, [1] с. ; 20 см. – URL: https://e-librvil.ru/book220

Семенова, Розалия Степановна
Иван Гоголев айымньыларыгар оҕону сиэр-майгы үгэстэригэр иитии көстүүтэ / Р. Семенова. – Олох суола. – 2000. – Ахсынньы 16 к. (N 146). – С. 3. – URL: https://e-librvil.ru/hss25

Васильев-Мандар, Георгий Никитич.
Олоҕо уонна айар үлэтэ : [саха народнай поэта И. М. Гоголев-Кындыл туһунан] / Георгий Васильев-Мандар // Олох суола. – 2005. – Тохсунньу 20 к. (N 7) — С. 1. – URL: https://e-librvil.ru/hss50

Дмитриева, Матрена Петровна.
Дьон өйүгэр санаатыгар куруук тыыннааах : [«Гоголевскай ааҕыылар», Бүлүү улууһа] / М. Дмитриева // // Олох суола. – 2005. – Тохсунньу 20 к. (N 7) — С. 3. – URL: https://e-librvil.ru/hss51

Биобиблиографическай ыйынньыктар

Иван Михайлович Гоголев-Кындыл Уйбаан (1930-1998) : биобиблиографическай ыйынньык / Саха Респ. Нац. б-ката, Бүлүү улууһа, Чочутааҕы сел. б-ка ; [хомуйан оҥордо А. А. Федорова ; библиогр. ред. оҥордо А. Ф. Федорова ; киирии тылын суруйда : Николай Тобуруокап]. – Дьокуускай : Саха Республикатын Национальнай библиотеката, 2004. – 138, [1] с. : портр. ; 20 см. – Библиогр.: с. 103-104 (23 назв.). – Алф. указ. имен, период. изд., загл., публицистики: с. 105-137.

“Мин олоҥхо толомон дойдутун оҕотобун…” : Саха АССР народнай поэта Иван Михайлович Гоголев – Кындыл төрөөбүтэ 90 сылыгар аналлаах биобиблиографическай испииһэк : [2005 – 2020 сс.] / «Бүлүүтээҕи поселениялар икки ардыларынааҕы кииннэммит библиотечнай ситим» МКТ, [Информация уонна библиография отдела, Ааҕааччыны кытта үлэлиир отдел ; хомуйан оҥордулар Л. С. Капитонова, Н. П. Седалищева]. – Бүлүү, 2020. – [20] с.

Суруйааччы аатын үйэтитии

«Иван Михайлович Гоголев-Кындыл» аатынан
Бүлүүтээҕи нэһилиэктэр икки ардыларынааҕы кииннэммит библиотека ситимэ» муниципальнай хааһына тэрилтэтэ

Тридцатая (очередная) сессия районного Совета депутатов IV созыва 14 сентября 2021 г. приняла решение под № 188/2021 «О присвоении имени Народного поэта Якутской ACCP Ивана Михайловича Гоголева – Кындыл Муниципальному казенному учреждению «Вилюйская межпоселенческая централизованная библиотечная система» муниципального района «Вилюйский улус (район)» Республики Саха (Якутия)».

Памятник народному поэту Ивану Гоголеву-Кындыл в г. Вилюйск

17 июня 2022 года, в Вилюйске открылся сквер и памятник народному поэту Якутии, писателю, драматургу, заслуженному деятелю искусств Якутской АССР Ивану Михайловичу Гоголеву-Кындыл. Оригинальный замысел скульптора Афанасия Романова заключается в том, что в цельную художественную композицию помимо памятника самому писателю включена и скульптура стерха. центральным произведением Ивана Гоголева является бессмертный роман-трилогия «Черный стерх», не менее известна его музыкальная сказка-пьеса «Долина стерхов»…

Открытие сквера Ивана Михайловича ГОГОЛЕВА — Кындыл (репортаж Youtube-канала «Город Вилюйск» от 17.06.2022

«…Мин олоҕум — толуу чороон
Кини уохтаах кымыһын
Утаппыт, сылайбыт дьон
Ыймахтааҥ күн аайытын…»

​Иван Михайлович Гоголев-Кындыл

«Гоголев ааҕыылара»

Саха народнай поэта И.М. Гоголев-Кындыл айымньыларын ааҕааччы киэҥ араҥатыгар тиэрдэр, кэрэхсэтэр сөхтөрөр, киэн туттар санааны олохсутар, айымньылаах үлэҕэ уһуйар сыаллаах-соруктаах, киин библиотека көҕүлээһининэн Бүлүү улууһугар «Гоголев ааҕыылара» 1995 сылтан саҕалаан ыытыллаллар. Быйыл, 2020 сылга,  ҮБҮЛҮӨЙДЭЭХ «ГОГОЛЕВ ААҔЫЫЛАРА» 25-С ТӨГҮЛҮН айар үлэтигэр сүгүрүйээччилэри түмэр.
Мин кынаттаах атым көтөр : «Гоголев ааҕыылара», 1995 — 2005 / «Бүлүү улууһа (оройуона)» МТ культураҕа управлениета, Бүлүүтээҕи киин библиотека ; [хомуйан оҥордо М. С. Васильева ; редкол.: Л. С. Степанова, М. П. Дмитриева, Н. П. Седалищева ; худож. Н. П. Михайлов]. — Бүлүү : [б. и.], 2005. — 73, [2] с. : ил., цв. ил. ; 29 см. — 500 экз.

Кинигэҕэ Бүлүү улууһугар 1995-2005 сылларга ыытыллыбыт «Гоголев ааҕыылара» сырдатыллар. Ааҕааччы саха народнай поэта И.М. Гоголев — Кындыл киэҥ далааһыннаах айар үлэтин үйэтитии туһунан, сүдү аакка сүгүрүйүү бэлиэтин — “Ааҕыылар» ис хоһооннорун кытта билсиэ.
Кинигэ суруйааччы үлэтин сэҥээрээччилэргэ, киэҥ ааҕааччыга аналлаах.

В книге описывается опыт работы по увековечению памяти народного поэта Якутии И.М. Гоголева — Кындыл в Вилюйском улусе за 1995 — 2005 годы.
Читателям предлагаются материалы “Гоголевских чтений” и статьи из газет. Книга предназначена для широкого круга читателей.

Гоголев ааҕыылара — 2016
«УЙУЛҔАМ УГУЙАР ТЫЫНЫНАН…»
улуустааҕы видеофильм конкурса

Презентации

«Дьиктини көрдүүбүн…» («Бүлүүтээҕи поселениелар икки ардыларынааҕы библиотекалар ситимнэрэ» МКТ Информация уонна библиография отдела) (смотреть)

Иван Михайлович Гоголев — Кындыл (Үгүлээт орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ Спиридонов Миша) (смотреть)

Саха саарына Иван Михайлович Гоголев – Кындыл (Хаҕын орто оскуолатын 8 кылааһын уөрэнээччитэ Николаев Эдик) (смотреть)

Музей "И.М. Гоголева-Кындыл"

Музей «И.М.Гоголева» — центр, координирующий деятельность исследования жизни и творчества писателя, социокультурный центр села Сыдыбыл. Музей имеет 11 экспозиций.
Виртуальный музей — это 3D-тур по зданию и/или территории музея/музейного комплекса. Виртуальные панорамные туры способны создать «эффект присутствия», дать полную информацию о месте, дают наглядное изображение объекта и предоставляют возможность увидеть любую точку пространства.

Убаастабыллаах ааҕааччылар! Оройуоннааҕы оҕо библиотеката бэлэмнээбит, суруйааччы олоҕор, айар үлэтигэр аналлаах ОНЛАЙН-ТЕСТКА, бэйэҕит билиигитин тургутан көрүн!

И.М. Гоголев-Кындыл айымньыларын киин, нэһилиэктэр,
оҕо оройуоннай библиотекаларыгар кэлэн көрүҥ, ааҕын, сэргээн!

© МУНИЦИПАЛЬНОЕ КАЗЕННОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ
«ВИЛЮЙСКАЯ МЕЖПОСЕЛЕНЧЕСКАЯ ЦЕНТРАЛИЗОВАННАЯ БИБЛИОТЕЧНАЯ СИСТЕМА ИМ. И.М. ГОГОЛЕВА-КЫНДЫЛ»
ОТДЕЛ ЭЛЕКТРОННОЙ БИБЛИОТЕКИ И ИНФОРМАЦИОННЫХ ТЕХНОЛОГИЙ
2020 - 2023

Наш сайт использует файлы cookies, чтобы улучшить работу и повысить эффективность сайта. Продолжая работу с сайтом, вы соглашаетесь с использованием нами cookies и политикой конфиденциальности.

Принять
Обратная связь