Никифоров Егор Егорович – Басхаай

Никифоров Егор Егорович – Басхаай  Бүлүү улууһун, Тылгыны нэһилиэгин олохтооҕо. Пенсионер, булдунан, тутуунан дьарыктанар. Булт, айылҕа, тыа олоҕун туһунан кинигэлэр автордара. Кэпсээннэрэ документальнай, автобиографичнай хайысхалаахтар.

Бүлүү оройуонун Сууртаах дэриэбинэ таһынааҕы Харыйалаах диэн алааска, бэс ыйын 1 күнүгэр 1954 сыллаахха, биэс оҕолоох ыалга иккис оҕонон төрөөбүтэ. Балтараа саастааҕар, 1 Күүлэт нэһилиэгэр Уһун сэлиэнньэтэ тутуллубутугар, дэриэбинэни онно көһөрөллөр. Бэһис кылааска үөрэнэр сылыгар ийэлэрэ өлөн, аҕалара ыарытыйан эрдэ үөрэҕин быраҕарга күһэллибитэ. Ахсыс кылаас кэннэ нэһилиэгэр радиһынан үлэлиир. Быыһыгар атах таҥаһын улларан, оһох тутуһан эбии харчы киллэрэн, балтыларын, быраатын иитиһэр. Кэлин Бүлүү куоратын олох-дьаһах кэмбинээтигэр столярынан, плотнигынан, Күүлэт сопхуоска араас үлэлэргэ үлэлиир.

Тылгыны кыыһын Александра Прококопьевнаны кэргэн ылан, кэргэнин дойдутутугар тиийэн, дьиэ — уот тэринэн олохсуйан олорор. Түөрт оҕо амарах аҕата, уонтан тахса сиэн кыһамньылаах эһэтэ.

Айар эйгэҕэ киириитэ 2015 сыллааххтан саҕаламмыта. Балыыһаҕа сытан булт туһунан илииннэн суруллубут кэпсээнин «Кыым» хаһыакка илдьэн биэрбитин бэчээккэ таһаарбыттара. «…Кинилэр эрэ илииннэн суруллубуту ылаллара. Айар суруйар эйгэҕэ «Кыым» хаһыатым киллэрбитэ диибин…», – диэн махтана ахтар Егор Егорович. Итинтэн ыла «Кыым», «Аар тайҕа», «Туймаада», «Киин куорат» хаһыаттарга, «Байанай», «Хатан» сурунаалларга ситимин быспакка бэчээттэнэр. Сэттэ кинигэ ааптара. Ахсыс кинигэтэ бэчээккэ бэлэмнэнэ сылдьар.

«Айар кут» Саха сирин хоһоонньуттарын уонна сэһэнньиттэрин эрэгийиэннээҕи Сойууһун уонна «Бүлүү сарыала» литературнай түмсүү чилиэнэ.

Республиканскай күрэстэргэ хоһооҥҥо, кэпсээҥҥэ киирсэн дьон сэҥээриитин ылар. «Константин Эверстов» аатынан конкурс 3 истиэпэннээх дипломун хаһаайына.

Автобиография

1954 сыл бэс ыйын бастакы күнүгэр Харыйалаах диэн дьоҕус алааска ыал иккис оҕотунан төрөөбүтүм. Балыыһа дьиэ онно турбута үһү. Сууртаахтан дэриэбинэни Уһун диэн билигин 1 Күүлэт турар сиригэр ат, оҕус көлөннөн көһөрүү саҕаламмыт кэмнэрэ этэ. Балтараа саастаахпар саҥа дэриэбинэҕэ көһөн кэлбит үһүбүт. Онно кэлэн быраатым уонна икки балтым төрүүллэр. Биэс оҕо буола түһэбит.

Ийэм бэһискэ үөрэнэрбэр суорҕан — тэллэх киһитэ буолан сыл кэриҥэ сытан бараахтаабыта.

Аҕам тыҥатынан ыалдьан туб балыыһа киһитэ этэ. Тахсан ийэбин оҕолуу бүөбэйдээн көрөн — истэн тиһэх суолугар атааран баран эмиэ балыыһатыгар киирбитэ. Эдьиийим эмиэ тубсанаторий кыыһа буолан дэҥҥэ тахса сылдьара. Икки балтыларым кыра баҕайылара. Мин атахпын былдьаһан улааппыттара.

Аҕам балыыһаҕа сытан унты улларарга үөрэнэн бытовойга атах таҥаһа улларааччыннан кэпсэппит. Дьиэтигэр тахса сылдьан миигин үөрэппитэ. Оччолорго унты муодата саҥа үөдүйэр кэмэ буолан сакаас элбэҕэ. Олох кыра эрдэхпиттэн аҕам батыһыннара сылдьан үлэҕэ үөрэппитэ. Сэрии бэтэрээнэ. Оһох оҥороругар кирпииччэ ылан биэрээччиннэн, раствор оҥорооччуннан сылдьыһан оһох тутарга кытта үөрэммитим.

Аҕыс кылаас кэннэ сааспын эбэн радиһынан үлэҕэ ылбыттара. Оччотооҕу РСО — 30 диэн аппарат морзаннан үлэлиирбит. Быыспар унты улларан харчы эбинэн харчыга кыпсыттарбатахпыт. Онон ийэлээх аҕам дьиэтигэр олорон балтыларым, быраатым улаатаннар оскуолаларын бүтэрэн төрөөбүт уйаларыттан көппүттэрэ.

Бүлүүгэ киирэн бытовойга столярынан, плотнигынан үлэлээн дьиэ туттубутум. Тылгыны кыыһын кэргэн ылан Тылгыныга тахсан дьиэ — уот тэринэн олохсуйан олоробун. Түөрт оҕо аҕата, уонтан тахса сиэн эһэтэбин.

Суруйар эйгэҕэ 2015 сыллаахха балыыһаҕа сытан булт туһунан кэпсээн суруйан Кыым хаһыакка илдьэн биэрбиппин бэчээттээн барбыттара. Кинилэр эрэ илииннэн суруллубуту ылаллара. Айар суруйар эйгэҕэ Кыым хаһыатым киллэрбитэ диибин. Онтон эрдийэн кинигэ суруйуохха диэн санаа көтөн түспүтэ. Булчут буолан үксүн булт туһунан суруйабын. Билигин ахсыс кинигэм бэчээттэнэ сылдьар.

Республиканскай күрэстэргэ хоһооҥҥо, кэпсээҥҥэ киирсэн син сэҥээриини ылабын.

Никифоров Егор Егорович — Басхаай

Кинигэлэрэ

Аар тайҕам абылаҥа : [кэпсээннэр] / Е. Е. Никифоров-Басхаай ; [худуоһунньуктар: И. А. Марков, М. А. Ядрихинская]. — Дьокуускай : Дани-Алмас, 2017. — 158, [2] с. : ил. ; 21 см.

Һодьороҥ : [кэпсээннэр] — Дьокуускай: Тайм-Саха, 2017;

Буочука отон : [кэпсээннэр] / Егор Никифоров-Басхаай ; [худуоһунньук А. К. Попов-Пролетарскай]. — Дьокуускай : Dolun, 2018. — 76, [2] с. : ил. ; 20 см. ;

Эдэр саас уонна көрүдьүөстэр : [кэпсээннэр] / Егор Никифоров-Басхаай ; [худуоһунньук А. К. Попов-Пролетарскай]. — Дьокуускай : DOLUN, 2018. — 62, [1] с. : ил. ; 21 см.

Болотуура : [кэпсээннэр] / Егор Никифорович-Басхаай ; [худуоһунньук А. К. Попов-Пролетарскай]. — Дьокуускай : DOLUN, 2018. – 70 с. : ил. ; 21 см.;

Булчут үүтээнэ : Кэпсээннэр / Егор Никифоров-Басхаай ; худуоһунньук А. К. Попов-Пролетарскай ; [аан тылы суруйда Сындыыс]. — Дьокуускай : DOLUN, 2020. — 87, [1] с. : ил. ; 20 см.;

Аҕам олоҕуттан : кэпсээннэр, хоһооннор / Егор Никифоров-Басхаай. – Дьокуускай : DOLUN, 2020. – 103 с. ; 20 см.

Хомуйан оҥорбут кинигэлэрэ

Айар куттаах Тылгыным дьоно : хоһоон хомуурунньуга / хомуйан оҥордулар Е. Е. Никифоров, Е. Е. Никифорова ; редактор А. Г. Васильев. — Дьокуускай : Алаас, 2020. — 133, [1] с. : портр. ; 21 см.

Хомуурунньуктарга

Былаас көрдөрөөрү ; Өй хойдон ; Эдьиийим мөҥүө / Е. Е. Никифоров-Басхаай // Айар кут: көҥүл иэйии — 2 : хоһооннор, кэпсээннэр / [хомуйан оҥордо Г. Г. Басылайканова-Кэнтик Кыыһа]. – Дьокуускай : Дани-Алмас, 2018. — 149, [2] с. : ил., портр. ; 20 см.

Биһиги оскуолабыт / Егор Никифоров-Басхаай тыла // Ыллаа дуу, доҕоруом… : ырыанньык / Валентина Яковлева-Чэлгийээнэ ; [ойуулаан таҥан оҥордо Феофанов Дь. А.]. — Дьокуускай : Дани-Алмас, 2020. — 91 с. : ил., портр., нот. ; 20 см.  

Наш сайт использует файлы cookies, чтобы улучшить работу и повысить эффективность сайта. Продолжая работу с сайтом, вы соглашаетесь с использованием нами cookies и политикой конфиденциальности.

Принять
Обратная связь