Алтынньы үһүс баскыһыанньатыгар, Саха сиригэр Ийэ күнэ бэлиэтэнэр. Бу кэрэ бэлиэ күн чэрчитинэн Бүлүү оройуоннааҕы оҕо бибилэтиэкэтэ кэтэхтэн ыытыллар аһаҕас хоһоон ааҕыытын күрэҕин биллэрбитэ. Алтынньы ый 22 күнүгэр дылы 60-тан тахса кыттааччы сайаапката киирдэ. Дьүүллүүр сүбэ хоһоон ааҕыытын күрэҕин түмүгүн таһаарда.
Күн ийэлэргэ анаммыт нуучча, саха суруйааччыларын истиҥ-иһирэх тыллаах хомоҕой хоһооннорун уустаан-ураннаан ааҕарга уһуйаан иитиллэччилэриттэн саҕалаан оскуола алын уонна орто сүһүөх үөрэнээччилэрэ холоннулар.
Дьүүллүүр сүбэ үлэтин түмүгүнэн кыайыылаахтарынан буоллулар:
I бөлөх – уһуйаан иитиллээчилэрэ
1 үрдэл кыайыылаҕа — Томская Аня, «Чуораанчык» уһуйаан үрдүкү-бэлэмнэнии бөлөҕө;
2 үрдэл кыайыылааҕа – Чэкэлээн Мичийэ, «Аленушка» уһуйаан «Незабудка» бэлэмнэнии бөлөҕө;
Никифорова Ньургуйаана Куо, Окоемова Кира «Чуораанчык» уһуйаан үрдүкү-бэлэмнэнии бөлөх иитиллээччилэрэ;
3 үрдэл кыайыылааҕа — Васильев Батый, Хампа «Кэскил» уһуйаанын үрдүкү бөлөҕө;
Герасимова Руслана-Иэйии, «Куобахчаан» уһуйаан үрдүкү-бэлэмнэнии бөлөҕө; Николаев Радмир, «Чуораанчык» уһуйаан иитиллээччитэ;
Софронова Сайнаара, бэлэмнэнии бөлөх Н. И. Афанасьев аатынан Бороҕон оскуолата.
II бөлөх – 1 – 4 кылаас үөрэнээччилэрэ
1 үрдэл кыайыылаҕа
1 кылаастарга — Александрова Милана, Д.А. Гуляев аатынан Кыргыдай оскуолата;
2 кылаастарга — Ядреева Кира, Бүлүүтээҕи 1 нүөмэрдээх уопсай үөрэхтээһин начаалынай оскуолата, 2 «в» кыл.;
3 кылаастарга — Дмитриев Арылхан, Н. А. Алексеев аатынан 2 Күүлэт оскуолата, Васильева Самира, Г. С. Донской аатынан Бүлүү 2№-ээх оскуолата, 3 “а” кыл.
4 кылаастарга — Наумова Саина, Д.А. Гуляев аатынан Кыргыдай оскуолата;
2 үрдэл кыайыылааҕа
1 кылаастарга – Наумов Айгылаан, Д.А. Гуляев аатынан Кыргыдай оскуолата;
2 кылаастарга — Семенов Сулустаан, Д.А. Гуляев аатынан Кыргыдай оскуолата;
3 кылаастарга — Григорьева Василина, Г. С. Донской аатынан Бүлүү 2№-ээх оскуолата, 3 «а» кыл.;
4 кылаастарга — Анисимов Арслан, Н. А. Алексеев аатынан 2 Күүлэт оскуолата
3 үрдэл кыайыылааҕа
1 кылаастарга — Николаева Нарыйаана Куо, Петрова Евангелина, Герой Н. С. Степанов аатынан Бүлүүтээҕи үһүс нүөмэрдээх орто оскуола, 1 “б» кыл.;
2 кылаастарга — Катанов Эрчимэн, Бобровский Саян, Д.А. Гуляев аатынан Кыргыдай оскуолата;
Петрова Аника, Васильева Вероника Бүлүүтээҕи 1 нүөмэрдээх уопсай үөрэхтээһин начаалынай оскуолата, 2 «в» кыл.;
3 кылаастарга — Николаев Айсен, Г. С. Донской аатынан Бүлүү 2№-ээх оскуолата, 3 «а» кыл.;
4 кылаастарга — Александрова Варя, Д.А. Гуляев аатынан Кыргыдай оскуолата
III бөлөх – 5 – 8 кылаас үөрэнээччилэрэ
1 үрдэл кыайыылаҕа — Алексеева Сандаара, Н. А. Алексеев аатынан 2 Күүлэт оскуолата, 6 кыл.;
2 үрдэл кыайыылааҕа — Васильев Гаврил, Н. А. Алексеев аатынан 2 Күүлэт оскуолата, 7 кыл.;
3 үрдэл кыайыылааҕа — Афанасьева Сахаайа, Социалистическай Үлэ Геройа В. П. Трофимова аатынан Өкүндү оскуолата.
IV бөлөх — доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолор
1 үрдэл кыайыылаҕа – Терентьева Роксана, «Аленушка» уһуйаан «Подснежник» бөлөх иитиллээччитэ;
Васильев Данил, Бүлүүтээҕи 1 нүөмэрдээх уопсай үөрэхтээһин начаалынай оскуолата, 3 «а» кыл.;
Харлампиев Даниил, С. Ф. Гоголев аатынан Хампа оскуолата, 6 кыл.
2 үрдэл кыайыылааҕа – Чабыев Миша 2 «а» кыл., Иванова Дарианна, 3 «в» кыл., Налайдырова Кэрэчээнэ, 4 «г» кыл. Бүлүүтээҕи 1 нүөмэрдээх уопсай үөрэхтээһин начаалынай оскуолата;
Осипов Семен, Степан Аржаков аатынан Бүлүүтээҕи дьиэ кэргэҥҥэ иитиини өйүүр киин, 7 кыл.
3 үрдэл кыайыылааҕа — Налыйдыров Мичил, Степан Аржаков аатынан Бүлүүтээҕи дьиэ кэргэҥҥэ иитиини өйүүр киин; Пинигин Ньургун, С. Ф. Гоголев аатынан Хампа оскуолата, 5 кыл.
Хоһоон күрэҕэр кыттыбыт оҕолорго, ааҕааччылары бэлэмнээбит салайааччыларга махталбытын тиэрдэбит.
В. В. Софронова, оҕо бибилэтиэкэтин кыл. бибилэтиэкэрэ