Алаастан силис тардан

Бүгүн, кулун тутар 6 күнүгэр, саха биллиилээх суруйааччыта — ССРС  суруйаачыларын Сойууһун чилиэнэ,  Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала Иванов Иван Герасимович – Уйбаан Нуолур төрөөбүтэ 90 сылын бэлиэтиибит.
«Уйбаан Нуолур суруйааччы быһыытынан уратытын туһунан тугу этиэҥ этэй диэтэллэр: саха алааһыттан эт-хаан хабан тахсыбыт, алаас туһунан дириҥ философиялаах, кэрэ кэпсээннээх суруйааччы диэх этим…» – диэн суруйбут Сэмэн Тумат.

«Саха алааһын туһунан, бу кэрэ, бу төрүт өйдөбүлү тиэмэ оҥостон, саха дьонун сиэрдээх ситиһиилэригэр алаас салгынынан хайа охсон киириэххэ уонна бу үйэлэр тухары утумнаан кэлбит улуу ситими туох эмэ үйэлээҕинэн байытыахха диэн кичим санаатын суруйааччы Уйбаан Нуолур олус бэркэ толордо, саҥаны, үтүөнү, элбэҕи киллэристэ…»

Иванов Иван Герасимович – Уйбаан Нуолур, 1929 с. кулун тутар 6 күнүгэр, Сунтаар улууһун Хаҥалас (билиҥҥитэ Кутана) нэһилиэгэр төрөөбүтэ.

1948 с. Сунтаар орто оскуолатын бүтэрэр. 1949 с. Бүлүүтээҕи педагогическай училищеҕа кэтэхтэн үөрэнэн, бастакы үөрэҕин — начаалынай кылаас учууталын идэтин ылар. 1951-1954 сс. Саха государственнай учительскай институтун саха тылын уонна литературатын  отделениетын, 1959 с.  Саха государственнай университетын кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрэр.

Сунтаар, Кэмпэндээйи, Элгээйи оскуолаларыгар учууталынан, завуһунан, директорынан,  Кэбээйи, Сунтаар улууһун үөрэҕириитин салаатыгар инспекторынан, Дьокуускайдааҕы кинигэ кыһатыгар редакторынан үлэлээбитэ.

1981 сылтан ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ. Саха суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.

1972 сыллаахха «Алаастан кэллим» хоһооннорун бастакы кинигэтэ  күн сирин көрбүтэ.

Уйбаан Нуолур бэйэтэ бэчээккэ бэлэмнээбит, тиһэх «Киэһээҥҥи алаас» диэн хомуурунньугун кинигэтэ күн сирин көрөрүн, хомойуох иһин, көрбөтөҕө.

Суруйааччы, 1999 с. тохсунньу 19 күнүгэр, 69 сааһыгар бу олохтон барбыта.


ОЛОХПУТТАН КЫЛГАСТЫК

Билигин сэттэ уончалаахтар олохпут бэйэ — бэйэлэриттэн улахан уратылара суох. Сэрии кэминээҕи оҕо саас, колхоз үлэтэ, оскуола, үгүстэргэ салгыы үөрэх, араас идэ… Баҕар, ханнык эмэ атыннааҕым дуу.

1929 с. кулун тутар 6 кунүгэр Сунтаар Хаҥалаһыгар төрөөбүтүм. Дьонум сүөһү ииттэн олорор орто ыал этилэр. Аҕам Герасим Андреевич — мындыр мас ууһа, дьиэ эргин булчут, утуйбат харахтаах колхоз хоһууна. Кини бииргэ төрөөбүт быраата Алексей Андреевич, Күндэ диэн аатынан норуотугар киэҥник биллибитэ, хомойуох иһин, эдэригэр 1934 с. Дьокуускайга өлбүтэ. Саамай кэлин дойдутугар 1930 с. сайын сылдьыбыт, мин биирдээхпэр, онон убайбын сурах хоту билэбин. Аҕата, икки хараҕа суох Өндүрэй оҕонньор, «оҕобуттан бу эрэ ордубут» дии-дии таҥаһа тиийбитин бэрийэрин өйдүүбүн. Эһэм сэһэнньит эбитэ үһү.

Биһиги көлүөнэ тыа оҕолоро айылҕаҕа иитиллибиппит, ордук сайын таһырдьаттан киирбэккин. Биир тыла-кулгааҕа суох Тэрэппиин диэн убайым миигин кырабыттан куска, куобахха илдьэ сылдьара. Улахан баҕайы күөлү тыынан өрө-таҥнары сэмсээн туутун көрөрө, онно мин тыы тумсугар хамсаабакка олоробун. Кэлин тиргэһит, туһахчыт буолбутум, сохсолуур, айалыыр да этим. Куобах баар эбит саханы саха гыммыт мааны кыыл — этэ биир күөс, тириитэ сылаас таҥас. Сайын урукку оҕо үксүн таһырдьа ампаар ааныгар утуйар, түүннэри-күннэри чыычаах ырыатыгар, кус-хаас саҥатыгар бигэнэр. Сэрии сылларыгар сайын оҕус сиэтэрим, үлэһиттэргэ аһылык таһарым, ол туһунан кэлин «Саллаат оҕото Чооруона» диэн кэпсээни суруйбутум. Биири өссө бэлиэтиэххэ. Саха ыала, ийэлэр-эмээхситтэр эрдэттэн да “экологтар” эбит. Сайын чугас дьиэ эргиннээҕи мас сыыһын, амынньыары, ойуурга ыһыллыбыт лоһуруой мастары хомуттаран оһох оттоллоро, онон дьоммут биһигини ойууру-тыаны харыстыырга, сири-уоту ыраастыы сылдьарга үөрэппиттэр эбит.

Сунтаар орто оскуолатын 1948 с. бүтэрэн баран учууталлаан барбытым. Үксүн кэтэхтэн үөрэнэн, маҥнай Учительскай институту, онтон 1959 с. Саха Государственнай университетын бутэрбитим, Саха тылын учуутала идэлээхпин. Оскуолаҕа түөрт уонча сыл үлэлээтим. Ол тухары үөрэнээччилэри төрөөбүт культураҕа иитиигэ, ырыаҕа-үҥкүүгэ дьоҕурдарын сайыннарыыга сырабын биэрэ сатаатым. Саха республикатын үтүөлээх учууталабын.

Айар үлэнэн онус кылаастан дьарыктаммытым диэхпин сөп, саха уонна нуучча тылларыгар бэйэттэн айыыга хоһоон суруйан кыбытарым. Учуутал уонна суруйааччы үлэлэрин дьүөрэлэһиилэрэ сороҕор олус ыарахаттардааҕын билбитим. 1981 с. ССРС суруйааччыларын Союһугар ылыллыбытым. Кинигэлэрим: «Алаастан кэллим» (1972), «Алаастан тахсар аартык» (1975), «Саллаат оҕото Чооруона» (1977), «Туус кэнэли» (1980), «Сайылык кыыһа» (1984), «Оҕо хараҕынан» (1988), «Алааска тыкпыт күн» (1989), «Суорҕан иһиттэн булуллубут» (1995).

Суруйааччы — бастатан киһи, кини айылҕаттан «айымньыта» оҕо буолар. Кэргэмминээн Зоя Тимофеевналыын (идэтинэн врач) үс уоллаахпыт: Күндүл, Дьулустаан, Ньургун.

Саҥа үйэ сахаҕа саргыны салайдын, айар үлэлээхтэргэ алгыһы аҕаллын диэн баҕа санаалаахпын…

1997 с. тохсунньу
Уйбаан Нуолур


Источник статьи:
Иванов Иван Герасимович – Уйбаан Нуолур. Олохпуттан кылгастык // Киэһээҥи алаас : (сэһэн, кэпсээннэр, хоһооннор) / Уйбаан Нуолур. — Дьокуускай : Бичик, 1999. – С. 184-185.

Источник фотографий:
Саха уонна Алаас : хомуурунньук / [сааһылаан оҥордо уонна аан тылын суруйда Л. П. Герасимова]. — Дьокуускай : Бичик, 2008. — 109, [2] с. : ил.


Айымньылара

  • Алаастан кэллим : хоһооннор хомуурунньуктара / Уйбаан Нуолур. — Якутскай : Якуткнигоиздат, 1972. — 32 с. 
  • Алаастан тахсар аартык : [кэпсээннэр] / Уйбаан Нуолур ; [худож. З. К. Курчатова]. — Якутскай : Кинигэ изд-вота, 1975. — 88 с. 
  • Саллаат оҕото Чооруона : [кыра саастаах оҕолорго кэпсээн] / Уйбаан Нуолур ; [худож. И. Д. Корякин]. — Якутскай : Кинигэ изд-вота, 1977. — 23, [1] с. : ил.
    Чоруона, сын солдата: для детей младшего школьного возраста 
  • Туус Кэнэли : сэһэн : орто уонна улахан саастаах оҕолорго / Уйбаан Нуолур ; [ред В. А. Тарабукин] — Якутскай : Кинигэ изд-вота, 1980. — 86 с. 
  • Сайылык кыыһа : [сэһэн, кэпсээн : орто уонна улахан саастаах оскуола оҕолоругар] / Иван Нуолур ; [Р. Р. Киренскай уруһуйа]. — Якутскай : Кинигэ изд-вота, 1984. — 91, [2] с. ; 20 см. 
  • Оҕо хараҕынан : (кэпсээннэр) / Уйбаан Нуолур ; [худож. Н. П. Павлов]. — Якутскай : Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1988. — 90, [2] с. : ил.
    Глазами ребенка : рассказы для детей среднего и старшего возраста. 
  • Алааска тыкпыт күн : (сэһэн, кэпсээннэр) / Уйбаан Нуолур ; [ред. В. А. Тарабукин ; В. С. Парников уруһуйа]. — Дьокуускай : Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1989. — 188, [2] с. — (Сибиир билиҥҥи сэһэнэ). 
  • Суорҕан иhиттэн булуллубут : (новеллалар) / Уйбаан Нуолур ; [В. Ф. Ноева ойуута]. — Дьокуускай : Бичик, 1995. — 22, [2] с. : ил. 
  • Киэһээҥи алаас : (сэһэн, кэпсээннэр, хоһооннор) / Уйбаан Нуолур ; [аан тылы суруйда Сэмэн Тумат] — Дьокуускай : Бичик, 1999. – 184, [2] с., [4] л. ил. : ил. 
  • Алаастан кэллим : [хоһооннор, үгэ, поэмалар, суруктар] / Уйбаан Нуолур ; [сааһылаан онордо уонна аан тылын суруйда С. А. Попов-Тумат]. — Дьокуускай : Бичик, 2004. — 109, [2] с.
  • Алаас ахтылҕана : сэһэн, кэпсээннэр, ахтыылар / Уйбаан Нуолур ; [хомуйан оҥордулар: Дь. И. Иванов, М. М. Афанасьев ; аан тыл авт. Милан Афанасьев]. — Дьокуускай : Бичик, 2010. — 174,[2] с.
  • Суорҕан иһиттэн булуллубут [Шрифт Брайля] : новеллалар / Уйбаан Нуолур ; [Брайыллыы бэчээккэ эппиэттээх Н. А. Охотина] ; Саха Респ. культуратын уонна духов. сайдыытын м-вота, Респ. көрбөттөр анал б-калара. — Дьокуускай : РБС, 2014. — 1 кн. ; 30 см.

***

  • Горохов, Христофор Петрович. Дьол суһума : (сонеттар дьөрбөлөрө) / Христофор Горохов-Элгэстэй ; [аан тыл авт.: Уйбаан Нуолур, В. М. Санги]. — Дьокуускай : Бичик, 2015. – 239 с. : портр. 
  • Горохов, Христофор Петрович. Ой дуораана : хоһооннор / Христофор Горохов ; [киирии тыл авт. Уйбаан Нуолур]. — Дьокуускай : Бичик, 2007. — 61, [2] с. : ил.
  • Күндэ. Кыыһар туҥат сырдыга : уус-уран айымньылар, тылдьыт, ыстатыйалар, библиография / Күндэ ; [бэчээккэ бэлэмнээтилэр: И. Г. Иванов (Уйбаан Нуолур), проф. В. В. Илларионов, акад. П. А. Слепцов] ; Саха сирин суруйааччыларын Союһа, Саха Респ. наукаларын акад. гуманитар. чинчийиилэрин ин-та. — Дьокуускай : Бичик, 2000. — 336 с. : ил., портр.

*** 

  • Сөрүүн сүөгэй тылынан… : А. А. Иванов-Күндэ туһунан ахтыылар / [хомуйан оҥордо Т. С. Кириллин ; ред. У. Нуолур]. — Дьокуускай : Кудук, 1998. — 87 с. : ил.

Матырыйаалы хомуйан оҥордо: Григорьева А. И., ОИТ


Навигация: Вернуться на главную страницу

Оставить комментарий

Наш сайт использует файлы cookies, чтобы улучшить работу и повысить эффективность сайта. Продолжая работу с сайтом, вы соглашаетесь с использованием нами cookies и политикой конфиденциальности.

Принять
Обратная связь